Page 89 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 89

нини хайдах эрэ кэһэппит киһи сөп буолсу. Батаран олордо-
руттан ааста, тыыммын эрэ иһиллиирэ хаалла.

    Т ы ҥ ы р а х. Дьон кигэр, тэптэрэр буолтарын кэннэ ол
баҕайы харыстыа дуо?!

    К у л у б а (соһуйар). Ол ким кигэр, доҕоор? Ким?
    Т ы ҥ ы р а х. Тугу билиэхпиний мин...
    К у л у б а. Ээ, чэ, доҕор, ол-бу диэминэ эрэ кэпсиэ ээ!
    Т ы ҥ ы р а х. Учуутал, арыгы иһэрдэ-иһэрдэ, кигэр диил-
лэр. Тугу этэн эрэр буоллулар? Ыраахтааҕыттан наҕараада
ылаары улуус харчытын туттан эрэр дииллэр.
    К у л у б а. Ол ким инньэ диир?
    Т ы ҥ ы р а х. Дьон эрэ бары этэллэр. Кырдьыгы да, сымы-
йаны да этэллэрин — билбэтим.
    К у л у б а. Кырдьыгы-сымыйаны буола-буола! Эн ону итэ-
ҕэйэн, кэпсээн оҥосто сылдьаҕын дуо?! Хара ыттар, ол-бу
диэннэр!
    Т ы ҥ ы р а х. Туох диэн итэҕэйиэм буоллаҕай?! Дьон сы-
мыйанан кэпсээн оҥостоллорун этэбин. Сымыйата чахчы буол-
лаҕа дии!
    К у л у б а (абарбыт куолаһынан). Учуутал... учуутал буо-
ла-буола! Акаарылары буойуон билиминэ тэптэрэ, кигэ сырыт-
таҕа. Кини бэйэлээххэ туох тэҥнэһиэй?! Үтүө айылааҕа буол-
лар, оннугу саҥарар киһи баар буоллаҕына, буойуо, сабыа
этэ буоллаҕа. Өссө кини кигэрдээх баҕастаах! Үрдүк тойокко
ити быһыытын биллэрдэр, кини да сөбө көстүө этэ. Дьону
куһаҕаҥҥа үөрэт, киһини кигэн кырбат диэн учуутал оҥорбо-
тохторо буолуо. Ити курдук быһыыланар буоллаҕына — сөп-
төөҕүн кэпсэтэн иһиллиэ! Киниттэн да олус куттанар биллибэт!
(Туран, хаамыталыыр.)
    Т ы ҥ ы р а х. Киһи буолбатах, доҕоор, бэйэтэ даҕаны. Ыраах-
тааҕыны, таҥараны билбэт диэн учуутал баар буоллаҕа. Итин-
ник майгытын үрдүкү тойон, бука, сөбүлээбэтэ буолуо эбээ,
төһө да киэбирдэр. Маанылаабыкка, ытыктаабыкка киһиргээн,
кими да аанньа ахтыбат буолбут. Ким да утары көрбөт буолан,
олустаан эрэр киһи доҕор...
    К у л у б а. Олустаан эрэр буола-буола! Ол кини олустаабы-
тыттан ким куттанар?
    Т ы ҥ ы р а х. Куттанан диэн — ким куттаныай? Ол гынан
баран истиэххэ кыһыылаах, киһини сымыйанан, туох да онно
суоҕунан балыйан этэрэ.
    К у л у б а (тохтоон баран). Суол харчытын сиэртибэлээн
эрэр диэн, эн хантан иһиттиҥ?

                                                                                                                                      89
   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94