Page 88 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 88

И и т и э х у о л. Оо, эмиэ били күтүр иһэр. Илиитигэр ма-
һы туппут.

    К у л у б а. Ааны хатыы тарт, нохоо! Туох муҥай доҕор!

                                        АХСЫС КӨСТҮҮТЭ

                       Т ы ҥ ы р а х С э м э н киирэр, кинини көрөөт,
                              И и т и э х у о л оһох төрдүгэр барар.

    К у л у б а. Туохха мастанан кэллиҥ, доҕоор?
    Т ы ҥ ы р а х. Суох, доҕор! Туохха да мастана иликпин!
    К у л у б а. Оттон ити күтүр өстөөх тугу эппитэй?..
    С э м э н С э м э н э б и с. Суругу хойут да суруйаа ини-
бин?..
    К у л у б а. Тоҕо? Чэ, ол эрээри, тохтоон да эрдин. Мин
сарсын быраабаҕа бараа инибин. Оттон боротокуолу хайдах
гынабыт?
    С э м э н С э м э н э б и с (тахсан иһэн). Сүбэлэһэн баран,
оттон сарсын быраабаҕа да оҥороо инибит. Сарсыҥҥа диэри
быраһаайдарыҥ. (Тахсар.)

                                       ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ

    Т ы ҥ ы р а х. Ити, суруксут тугу суруйарын этэр?
    К у л у б а. Э-э, куорат суутугар киирэр дьыаланы этэр.
Онуоха эйиэхэ туох наада баарый?
    Т ы ҥ ы р а х. Ээ, бэйэм ыйытабын. Онуоха миэхэ туох наа-
да баар буолуой?
    М а р ы ы н а. Хайа, били арыыбын аҕаллыҥ дуо?
    Т ы ҥ ы р а х. Э-э, умнан кэбистим. Сарсын аҕалан биэ-
риэм, хайаатар даҕаны!
    М а р ы ы н а. Күтүр өстөөх, эмиэ тугу кулдьаҕалаан ылаары
кэллиҥ? (Туран, ампаар күлүүһүн ылар.)
    Т ы ҥ ы р а х. Тугу кулдьаҕалыам буоллаҕай, бэйэм наада-
бар сылдьабын.
    М а р ы ы н а (Иитиэх уолга). Нохоо, ампаарга тахсыах эрэ.

                                                     Тахсаллар.

                                         ОНУС КӨСТҮҮТЭ

    Т ы ҥ ы р а х. Утары манна сырытта дуо?
    К у л у б а. Сырытта. Кырбаталаан өлөртүү сыһан барда. Кыр-
дьыга, таҥара баар буолан, тыыннаах ортубут быһыылаах. Ки-

  88
   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93