Page 93 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 93
дүм-төбөм биллэр киһибин. Халлаантан даҕаны түспэтэҕим,
сиртэн да күөрэйбэтэҕим. Олус куһаҕаны, буруйу да оҥорбуп-
пун билбэппин. Мин туспар, аата, бары барыта кытааттаҕа.
Киһи санаатын үбүнэн-аһынан сүүйбэт буоламмын, сонум тэл-
лэҕэ кылгаабыт киһи буоллаҕым.
К у л у б а. Ол ким үбүнэн-аһынан киһи санаатын сүүйбүтүн
билэҥҥин этэҕин, доҕоор?
У т а р ы. Эйигин да сүүйэрэ буолуо дии саныыбын. Үнү-
рүүҥҥэ диэри киһиэхэ билиэт биэрэ олорбуккут дии. Мин тус-
пар тиийдэҕинэ...
К у л у б а (кыыһырбыт). Үксү лабаҥхалаама. Хайдах эн
миигин кыыл курдук булаҕын? Билигин сатаммат, суох диэтим
буолбат дуо эйиэхэ мин — сахалыы. Ону туоххунан истэҕин?
У т а р ы (турар). Кулгаахпынан истэбин, эн миигин или-
ни-арҕааны билбэт курдук санаан, ити курдук атаҕастыыр
буоллаҕыҥ?! Арай, үрдүк тойот билиитигэр тиийдэҕинэ сата-
ныыһы...
К у л у б а. Үҥүстэргин эрэ эн улаханы гыныаҥ! Киһи эрэ
кыһаммат диэн, эн олустаан эрэҕин ээ?!
У т а р ы тахсар.
Хара түөкүн, куттаан туран, билиэт ылаары гынар ээ. Үрдүк
да тойот эйигинньик илээккэ бэрдэрэрэ биллибэт.
ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а киирэр.
М а р ы ы н а. Эмиэ туохтан Утарылыын бардырҕастыгыт?
К у л у б а. Билиэт көрдүү-көрдүү, үөҕэр-мөҕөр. Үрдүк то-
йокко тыллыах буолар.
М а р ы ы н а. Күтүр өстөөх, бэйэҥ даҕаны Утарыны кытта
эрбии биитин курдук тэҥҥэ эристэҕиҥ үһү! Көрдөххүнэ, ки-
һи аахсыах киһитэ дуо? Итинник куһаҕан киһи билигин, араас
буоллаҕына, эйигин харыстыыра биллибэт. Төрүт тыытыһыа да
суоххун тыытыһаахтыыгын, эрэйдээх...
К у л у б а. Өйдөөх эмээхсин, эн сыыһаны этиэҥ дуо?! Аны
миигин Утары атаҕар үҥтэрээри гыммыккын дии?! Итинник
киһини кытаанахтык тутар эбитэ буоллар, ол-бу диэн ыттыы
үрэ сылдьыа суох этэ. Куһаҕан киһини батааскалаан, үтүөнү
көрөрүҥ биллибэт.
М а р ы ы н а. Батааскалаан, мин кинини туох диэтим? Ку-
93