Page 95 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 95

лэҕэйдээн иһэр. Ыксаатаҕына, кэлэҕэйэ улаатар). Мин, тойо-
нуом, эйиэхэ кыра этэр тыллаахпын.

    К у л у б а. Ол тугу этээри гынаҕын?
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Үҥсэбин: бу Кутурук диэн уол
былырыын миигиттэн куоракка киирэригэр уон муунта арыыны
иэс ылан киирбитэ, табах таһааран биэриэх буолан. Онтука-
тын билиҥҥэ диэри биэрэ илик. Ол чааһын эн, тойонум...
    К у т у р у к у о л. Тойонуом, ити киһи миигин тоҕо аат биэ-
рэр? Мин сүрэхтээх ааттаах курдук сананар этим. Ону кини
соруйан дуу, кэлэҕэйигэр тэптэрэн дуу, ити курдук ааттыыр.
    К у л у б а. Кырдьык, эн, Дьаакып, ити кыратык сыыстыҥ.
Суут ортотугар үҥсээри тураҥҥын, киһини хос аатын ааттыа
суох тустааххын.
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Ээ, тойонуом, ити мин, кырдьык,
кыратык алҕаһаатым. Онон буруйбун билинэбин. Ити мин эп-
пит тылбын сурукка ылларгын бэрт буолуо эбит, тойонуом.
(Тоҥхолдьуйар.)
    К у л у б а. Ол эмиэ эһиги уон муунта арыыгытыгар дьыала
оҥоробут дуо — ханнык эрэ улахан суолга дылы? Суруйбак-
ка да эрэ, итини баҕас дьүүллэнэр ини. Нохоо, ол хайдах
киһи үбүн былдьаан сылдьаҕын? Былырыыҥҥы суолу тоҕо тө-
лөөбөккүн?
    К у т у р у к у о л. Суох, тойонуом, мин төлөөбүт курдук са-
наан турабын. Кини бу кыһын кыра табаҕы, арыынан да ылбыта...
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п (кэлэҕэйэ улаатар). Тойонуом, ити
төрүт сымыйанан этэр...
    К у т у р у к у о л. Хайдах сымыйанан?! Оттон бу кыһын икки
муунта табаҕы ылбатаҕыҥ дуо?
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Суох, суох. Төрүт биэрэ иликкин...
    К у л у б а. Аргыый баргыһыҥ! Хайдах сүөһү курдук буолан
бардыгыт? Манна суут дьиэ буолар, ону эһиги хотоҥҥутунан
охсоҕут дуо? Мин биир-биир ыйытан иһиэм. Мээлэ ардыр-
ҕаһаргытын тохтотуҥ. Истибэтэргит эрэ, батан таһаартыам,
хара түөкүттэр! (Үҥсээччилэр им-ньим бараллар.) Нохоо, эн
арыыны, табах таһаарыах буолан, ылбыккын мэлдьэспэт буол-
лаҕыҥ?
    К у т у р у к у о л. Суох, тойонуом, туох диэн, айыы даҕаны,
мэлдьэһиэм буоллаҕай? Кырдьык, ылбыт суолум этэ.
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п (абарбыт куолаһынан). Хата, хата,
эн, бэрт киһи, мэлдьэспэккин дуо?
    К у т у р у к у о л (ымах гынар). Бу кыһын Тыҥырах Сэмэн
ортотугар икки муунта табаҕы, арыыны биэрбитим.

                                                                                                                                      95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100