Page 98 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 98
бэрт ээ истиэххэ: күн ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн эстибит үһү
диэн. (Курутуйбут киһи быһыытынан.) Киһи, өлүмүнэ, эҥин
арааһы истэр ээ.
К у л у б а. Эн, Сэмэн, итини кэпсээн оҥосто сылдьар буо-
лаайыҥый! Итинник сымыйа кэпсээн үрдүк тойот кулгааҕар
киирдэҕинэ, киһи баһа барыа.
Т ы ҥ ы р а х. Ээ, тугун кэпсээн оҥостуом буоллаҕай — сы-
мыйата биллэн турар суолу. Итинник суолтан таҥара быы-
һаатын.
К у л у б а. Күн ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн, арай, Айыы то-
йон таҥара ууратар ыйаахтаах. Ону дохуобунай аҕабыыттар бэр-
кэ диэн билэллэр. Ол гынан баран биһиги баачыкабыт итинник
онно суох суолу, итэҕэйбит курдук, киһиэхэ кэпсээн оҥостор
буоллаҕа?! Ок-сиэ, дьон санаата иирэн турара кырдьык ээ!
Т ы ҥ ы р а х. Ээ, суох, аҕабыыт ону кырдьыктаммат. Бэйэ-
тэ, оонньуу оҥостон, ол, миэхэ кистээн кэпсээбитэ. Туох диэн
кини итэҕэйиэй...
К у л у б а. Оттон эн хараххын өрө көрөн кээлтиҥ, дьэ, сүр-
дээх этэ доҕор!
Т ы ҥ ы р а х (куһаҕан буолар). Муодарҕаатым эбээт, тойо-
нуом. Хаһан мин итинниги истибитим баарай? (Аан диэки барар.)
К у л у б а. Даа, буоллаҕа доҕор! (Хаҥас ааҥҥа барар.)
Быыс
ТӨРДҮС ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
К у к а а к ы к у л у б а.
М а р ы ы н а э м э э х с и н.
И и т и э х у о л.
У т а р ы Б а һ ы л а й.
С э м э н С э м э н э б и с.
М а ҥ н а й г ы к и һ и, саха.
И к к и с к и һ и, нуучча.
ООННЬУУР СИРДЭРЭ
Урукку дьиэ. Күнүс.
98