Page 99 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 99

МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ

         Хаҥас аантан К у л у б а тахсар. Кэлэн түннүгүнэн өҥөйөн көрөр,
                        сис туттан баран, төттөрү-таары хаамыталыыр.

    К у л у б а. Дьэ, бу суруксут өр да буолла. Тоҕо баҕас сы-
рыттаҕа уһунай? (Олорон баран.) Оо, дьэ, уордьаным хаһан
эрэ кэлээхтиир?! Сэмэн Сэмэнэбис, кэлбит эрэ буоллар, та-
һаарыам диэбитэ. Бука, ону ылаары тардылыннаҕа буолуо.
Кини киһи, ама, ылымына эрэ тахсыа дуо? Хайа, ылан таһаар-
даҕына, манньата да улахан буолуо. Бэйи эрэ, кырдьык даҕа-
ны, ылан таҕыстаҕына, тугунан кини санаатын толоруллуой?
Харчынан биэрдэххэ — ылбат киһи буолуо. Арай, сүөһүнэн
биэрдэххэ сөп буоларыгар тиийэр дии... Хайдах дуу... (Му-
наахсыйар.) Эмээхсиэн, Марыынаа! Кэл эрэ, доҕоор, манна!

                                        ИККИС КӨСТҮҮТЭ

    М а р ы ы н а (саҥата иһиллэр). Эмиэ туохха бэһирдиҥ! (Ха-
ҥас аантан тахсан кэлэр.) Туох баарый? Тоҕо миигин ыҥырдыҥ?

    К у л у б а. Бэйи, тохтоон, өйдөөн иһит эрэ мин тылбын. Би-
лигин сотору Сэмэн Сэмэнэбис куораттан кэлиэ. Баҕардаҕына,
уордьаным кэлбит буоллаҕына, таһаарыа. Ол таһаардаҕына,
дьэ, тугунан эрэйин боруостуубут? Туома, кини ити чааһыгар
бэркэ диэн кыһаммыт, эрэйдэммит суола.

    М а р ы ы н а. Оттон тугу биэрээри гынаҕын? Ону мин би-
лиэм дуо? Харчынан биэрэҕин дуу, хайдах дуу?..

    К у л у б а. Харчыны ылыа суоҕа. Оннугу биэрэр да сөбө суох.
(Албын куолаһынан.) Марыынаа, оттон эн аккын биэрдэххэ?

    М а р ы ы н а. Туох даа?! Аны миигин, ол кэлбит дуу, кэлбэ-
тэх дуу сэп иннигэр сатыы хаамтараары гынныҥ дуо? Аппын
биэрбэппин. Ол-бу буолумуна олор! (Тахсаары гынар.)

    К у л у б а. Бэйи, тохтоо, доҕоор! Тоҕо баҕас сүргүнүй, өрө
силбиэтэнэн түһэҥҥин?! Эн саҕа аттаах баар ини! Ити кэннэ
тугун аатай кэлбитэ-кэлбэтэҕэ буолуо диэн? Ити курдук этэ-
риҥ саныахха куһаҕан. Бу ыраахтааҕы мэтириэтин көрбөккүн
дуо? (Ыйар.) Тугу саҥарарбытын истэ олороро буолуо, мин
бөлүүн бэрт үчүгэй түүлү түһээбитим ээ, Марыынаа. Ону мин
эйиэхэ олоруохтааҕар кэпсиим эрэ. Эн ону тойонноон көр...

    М а р ы ы н а. Түксү, лабаҥхалаама, киэр бар! Ол-бу диэн
ньачыйан түһэҥҥин. (Тахсан барар.)

    К у л у б а (дьон диэки көрөн баран). Дьэ, сүрдээх эмээхсин
доҕор! Туох да иннигэр киһи тылыгар киирбэт, тиэрэ майгы-
лаах-сигилилээх баҕайы буоллаҕа үһү! Бэйи, ол эрээри, кэпсэ-

                                                                                                                                      99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104