Page 94 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 94
һаҕан киһини кытта мэккиһэн, эн да үтүөнү көрөргүн истиллиэ.
(Тахсар.)
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
К у л у б а. Бу Утары миигин соруйан булар быһыылаах. Сы-
мыйанан барыам-кэлиэм диэн, аны билиэтинэн киирэрэ итэҕэс
буолбут ээ. Хайдах эрэ кинини кыратык кэһэтэ түстэр сөп буо-
луо эбит. Киһини батарарын ааста. Арай, сэтээтэл кэллэҕинэ,
тыллаан көрүөм буоллаҕа. Үрдүк тойот ону бэйэтэ сыаналаан
дьаһал оҥорор ини. Кинини көҥүл ыытара биллибэт. Миэхэ
көҥүл тоһоҥнуурун курдук буолуо суоҕа. (Тохтоон олорон, та-
бах тардар.) Аныгы дьон, кыратыттан улаханыгар диэри, то-
йону даҕаны, баайы даҕаны аанньа ахтыбат буоллахтара үһү!
Былыр үчүгэй ээ: тойон буол да — кыра дьону хайдах баҕарар
тутаҕын! Мин, биир үйэнэн урут төрөөн олорбутум буоллар,
бэрт буолуо эбит. Ону, арыыйда хойут төрөөн кэбиһэн, кыра-
тык ночоотурдаҕым. Чэ, ол эрээри, туох да диэбиттэрин иһин,
мин кулуба аатын ылан, ыраахтааҕыттан наҕараадаланан, бач-
чааҥҥа диэри улуус баһылыга буолан олордоҕум. Онон туох
да диэн кэмсиниэхпиний?.. Өлбүтүм да кэннэ, ол улууска Ку-
каакы Кулуба баара үһү диэн, кэнэҕэс ыччат дьон кэпсээн
оҥостуохтара...
АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ
И и т и э х у о л киирэр.
И и т и э х у о л. Кутурук уол Дьаакып икки кулубаны көр-
сөрдөөхпүт дииллэр.
К у л у б а. Ол хайа Дьаакыбый?
И и т и э х у о л. Кэлэҕэй Дьаакып.
К у л у б а. Киирдиннэр манна.
И и т и э х у о л тахсар. Кулуба, ысынааҕын иилинэн баран, остуолга олорор.
СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ
К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п, ол кэнниттэн К у т у р у к уол киирэллэр.
К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Дорообо, кулуба тойон!
К у л у б а (суон куолаһынан). Дорообо. Туох наада баа-
рый? Тоҕо кэллигит?
К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п (саҥарарын былаһын тухары кэ-
94