Page 96 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 96

К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п (ыксыыр). Кулуба тойонуом, ити
төрүт албыннаан этэр. Икки муунта абааһы, сытыйан хаал-
быт табаҕы аҕалан биэртин, мин ылбатаҕым. Сонно төттөрү
бырахпытым, арыыны биэрбитим диэн, ити, төрүт сымыйата!
Хайдах эн сирэйэ суох балыйаҕын?

    К у т у р у к у о л. Ити курдук этэр буоллаҕына, арай туоһу
билиэ буоллаҕа. Тыҥырах да Сэмэн билигин тыыннаах, баар.
Ол, кинини ыйыттахха, кырдьыга-сымыйата биллиэҕэ, эн төһө
да өрө балыйдаргын!

    К у л у б а. Ол төһө арыыны биэрбиккиний?
    К у т у р у к у о л. Дьиҥ чопчу өйдөөмүнэ турабын. Биир
арыы кэриҥин биэртим буолуо.
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Көр ити, кулуба, иһит! Тойон, өс-
сө кини төһө арыыны биэрбитин өйдөөбөт?! Ити курдук сирэйэ
суох балыйа турар.
    К у т у р у к у о л (кыыһырар). Хайдах эн ордук тылгынан
этиэххин баҕараҕын? Эн, тойонуом, ити тылыгар боротокуол
оҥордоргун үчүгэй буолуо этэ. Куруук ити курдук кини миигин
атаҕастыыр, ыт курдук саныыр...
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Хайыай, доҕор, боротокуол оҥор-
торумунаҕын! Ыраас үппүн сиэн бараҥҥын, аны дьыалаҕа тү-
бэһиннэрэриҥ итэҕэс дуо?
    К у т у р у к у о л. Эйигин кыыһырыа диэн, кырдьыктаахпын
этиэм суоҕа дуо?
    К у л у б а. Мин эһигини солуута суох саҥарсымаҥ диибин
ээ! Хайдах буолбут дьоҥҥутуй? Урут кинээскэ үҥсүбүккүт дуо?
    К у т у р у к у о л. Кинээскэ үҥэ илик этэ...
    К у л у б а. Оччоҕо кинээскэ баран үҥсүҥ. Ол кэриэтин, ки-
нээс кыайан быһаарбатаҕына, миэхэ хат кэлээриҥ. (Турар.)
    К у т у р у к у о л. Баҕардар, кинээс да буоллун. (Тахсар.)
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Тойонуом, эн бэйэҥ дьүүллээ-
тэргин үчүгэй буолуо этэ. Ол, кинээс, төрүт аанньа ахтан, бы-
һааран, миэхэ иэспин бэрдэрэрэ суох. Ыраас үбүм сиргэ хаа-
лара миэхэ кыһыылаах. Онон, тойонуом, эн бэрдэрдэргин сөп
буолуо этэ. Кырдьыга, мин...
    К у л у б а. Кинээскэ баран тыллаа, доҕор. Итинник кыра
суолу нэһилиэк кинээһэ дьүүллүүр баҕайыта. Солуута суоҕунан
кэлэн, киһини майаачылыы сылдьаҕыт!
    К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п. Тойонуом, инньэ диэн баара дуо?!
Ыраас үбүм хааларыгар тиийдэ! Ол кинээс көнөтүк көрөрө
диэн аата суох. Сатахха, Кутурук уол уруута эбээ...

  96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101