Page 91 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 91
УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а киирэр.
К у л у б а. Эмээхсиэн, ампаар күлүүһүн аҕал эрэ.
М а р ы ы н а. Ампаартан тугу ылаары гынныҥ?
К у л у б а. Чэ, чэ, аҕал, ат баһын быатын көрдүүбүн.
К у л у б а тахсар. Кэнниттэн Т ы ҥ ы р а х хап-сабар тахсар.
М а р ы ы н а (улаханнык). Арыыны аҕал, нохоо!
Т ы ҥ ы р а х (тахсан иһэн). Аҕалыам, аҕалыам!
Быыс
ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
К у к а а к ы к у л у б а.
М а р ы ы н а э м э э х с и н.
С э м э н С э м э н э б и с.
Т ы ҥ ы р а х С э м э н.
У т а р ы Б а һ ы л а й.
К э л э ҕ э й Д ь а а к ы п.
К у т у р у к у о л.
И и т и э х у о л.
ООННЬУУР СИРДЭРЭ
Бырааба дьиэ мунньахтыыр хоһо. Утары аан көстөр, хаҥас диэки иккис аан,
түннүк аннынан сурук суруйар остуол турар. Ол үрдүгэр сэксээлэ (зерца-
ло) көстөр. Остуол үрдүгэр истиэнэҕэ ыраахтааҕы мэтириэтэ ыйанан турар.
Куһаҕан оҥоһуулаах хос. Саас буолан эрэр.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
К у л у б а остуолга сурук суруйа олорор. Хаҥас диэки аантан
С э м э н С э м э н э б и с киирэр.
С э м э н С э м э н э б и с. Дьэ, кулуба, мин бараары гын-
ным. Суруккун аҕал!
К у л у б а. Сибилигин бүтэрдим. (Суруйа охсон, бэчээттээн
биэрэр.) Маны бэйэтигэр сирэй туттараар, тугу эмэ биэрдэ-
ҕинэ, илдьэ тахсаар. (Аргыый аҕай.) Хайа, ити кэннэ уордьан
кэлбитэ буолуо дуо?
91