Page 87 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 87
Оҕуста, үөттүрэхпин тосту үктээн кэбистэ, ы-ыы-ыы. (Хараҕын
соттор.)
К у л у б а. Дьэ, ити хайдаҕый, суруксут? Билигин борото-
куол оҥорорго сөп дуу, сөбө суох дуу? Итинник быһыы диэн
тугуй?
С э м э н С э м э н э б и с. Нохоо, төһө улаханнык оҕуста,
туохха?
И и т и э х у о л. Кэтэххэ биэрдэ, умса баран түһүөхпэр
диэри. Ол кэннэ үөттүрэхпин былдьаан ылан, тосту үктээн кэ-
бистэ. Ол кэннэ ыллыы-ыллыы бара турда.
К у л у б а. Чэ, боротокуолла оҥор, аны туох харсай?! Ити
кэннэ, дэһээтинньигинэн туттаран ылан, хаайыыга быраҕыах-
ха! Итинник холуобунай суол мээнэ хаалара сөбө суох!
С э м э н С э м э н э б и с. Арай, инньэ гынан көрүөхпүт буол-
лаҕа. Нохоо, мин тугу этэргин сурукка ылыам!
И и т и э х у о л. Ол тоҕо миигин сурукка ыллыҥ?
К у л у б а. Акаары, бэйэҥ абыранаргын оҥороору гынабыт
буолбат дуо? Саҥата суох тур.
Иитиэх уол кэтэҕин тарбанар.
С э м э н С э м э н э б и с (суруйар). Дьэ буоллаҕа доҕор.
Дорҕоонноох дьыала буолуо буоллаҕа. Суруйан көрдөҕүм.
К у л у б а. Чэ-чэ, суруй, доҕор, ол-бу диэминэ эрэ!
СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а э м э э х с и н киирэр
М а р ы ы н а. Хайа, бу уолу эмиэ тоҕо сыстыҥ? Эн буолан
баран...
К у л у б а. Солуута суох баллыгыраама, эмээхсин. Мин ки-
нини сыспатым. Утары түөкүн кэлэн, өлөртүү сыста: уолбутун
дэлби тэпсибит, туттар сэппитин алдьаппыт. Бэйи ууса, кини-
ни баҕас ситээ инибин! Дэлбэрийэн эрдин!
М а р ы ы н а. Ол туох буоллаҕай, хара ыт? Билигин кэлэн
иһэн көрдөхпүнэ, биир киһи тыа диэки ыллыы-ыллыы тахсан
эрэрэ. Ол кини буоллаҕа. Дьэ, тугу этиэм баарай...
Таһырдьа ыт бардьыгынаан үрэр.
К у л у б а. Эмиэ туох алдьархайбыт кэллэ? Бар, нохоо, көр
эрэ.
Уол, тахсан иһэн, төттөрү түһэр.
87