Page 83 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 83
С э м э н С э м э н э б и с. Кыһанарым кэмнээх буолуо дуо!
Хата, эн, кэнники, наҕараадаҥ кэллэҕинэ, мин эрэйбин санаар!
К у л у б а. Итинник үтүө суолу тэрийтэрэн баран, мин эн
эрэйгин хайдах санаабат буолуохпунуй? Бу суол сатанан, уор-
дьан кэлэрэ буоллар, бэрт да буолуо эбит.
С э м э н С э м э н э б и с. Араас бэлэм харчы баар да, то-
ҕо кэлбэт буолуой?..
М а р ы ы н а (уот аттыгар табах тарда олорон). Бэлэм хар-
чы буолумуна доҕор?! Күтүр өстөөх, эҥин араас буолан?! Итин-
тикэҥ туохха эрэ быа буолуо ээ!
К у л у б а. Ээ, сордоох, эн тугу баҕас билэҥҥин, тылбай-
өспөй буолаҕын?! Саҥата да суох олорбоккун!
С э м э н С э м э н э б и с (күлэр). Эмээхсин тоҕо эрэ сө-
бүлээбэт ээ... Хата, кэл, арыгыта ис, пожалуйста!
М а р ы ы н а. Хата, бэйэҥ, сордоох! Бэйи, көрөн-истэн иһиэх-
пит. (Хаҥас диэки барар.)
К у л у б а. Түксү, баллыгыраама! Абааһы!
Быыс
ИККИС ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
К у к а а к ы к у л у б а.
С э м эн С э м э н э б и с.
М а р ы ы н а э м э э х с и н.
И и т и э х у о л.
У т а р ы Б а һ ы л а й.
Т ы ҥ ы р а х С э м э н.
ООННЬУУР СИРДЭРЭ
Урукку дьиэлэрэ.
МА¢НАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
С э м э н С э м э н э б и с сурук суруйар. К у л у б а, мэтээлин иилинэн
баран, остуол аттыгар олорор. Үрүҥ, таас ачыкылаах. Улаханнык билэр
киһи быһыытынан кинигэни аахпыта буолар.
С э м э н С э м э н э б и с (суруйан бүтэр). Иван Иванович,
бүттэ.
83