Page 78 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 78
И и т и э х у о л. Оттон чыына-хаана буолуо, ону мин тугун
билиэмий?
К у л у б а. Акаары, көр, бу мэтээлэ-уордьана диэн буолар.
Онтон миэхэ бу кыһыл көмүс мэтээли наҕараада ыыппыт. Өй-
дөөтүҥ дуо, нохоо?
И и т и э х у о л (кэтэҕин тарбанар). Өйдүүрүм кэмнээх буо-
луо дуо. Дьэ үчүгэй баҕайы, үөрүүлээх суол...
К у л у б а. Дьэ, ити кэннэ киһи тылын истибэт буол! Эһиги
миигин улахан тойон курдук санаабаккыт ээ. Көр, оннооҕор
миигин күн ыраахтааҕы билэн, ытыгылаан, наҕараада ыытар.
Бар антах.
И и т и э х у о л оһох кэннигэр барар.
ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а киирэр, К у л у б а, сис туттан баран,
төттөрү-таары хаамыталыыр.
М а р ы ы н а. Дьэ, үчүгэй киэбирии доҕор! Тоҥ нууччаҕа
дылы, аны төттөрү-таары хаамыталыыр буолбут дуу!
К у л у б а (хаамарын тохтотон баран). Түксү, баллыгыраама!
Хата, чэйи өр, билигин ыалдьыттар кэлиэхтэрэ. (Эмиэ хаамар.)
М а р ы ы н а. Нохоо, сылабаары туруор.
Иитиэх уол чэй өрөр.
К у л у б а. Эмээхсиэн, били үрүҥ көмүс мэтээлим ханнаный?
М а р ы ы н а. Миэхэ уурдарбытыҥ дуо? Суругуҥ холбуйа-
тыгар баар ини.
Кулуба холбуйатын ылан көрөр.
К у л у б а. Хайа, манна суох эбит дии? Ханна гыммыккы-
ный? Була тарт!
М а р ы ы н а (буруйдаах киһи быһыытынан). Э-э, били, Ку-
турук уол саанык буолан, эмтэнээри ылларбыта.
К у л у б а (саба бардьыгыныыр). Мин ... мин... Киһиэхэ биэр-
бэт буол диэн эппитим ээ?! Акаары, дьэгэ-бааба! Сааныктарын
күн ыраахтааҕы наҕараадатынан эмтэнэллэрэ итэҕэс эбит ээ!..
Бу саханы дьиикэй омук дииллэрэ кырдьык ээ. Туй, абааһы-
лар! (Сиргэ силлиир.)
М а р ы ы н а. Нохоо, бар, ону аҕала тарт! Тоҕо ыыппакка оло-
роллор? Киһиттэн уларсыбыт сэптэрин аҕалан биэрбэт идэ-
лээх дьон буоллаҕа үһү!
И и т и э х у о л тахсар.
78