Page 79 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 79
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
Т ы ҥ ы р а х (таһыттан киирэр). Дорообо, Уйбаан Уйбаана-
быс!
К у л у б а. Дорообо. Тугу биллиҥ? Туох кэллэ-барда?
Т ы ҥ ы р а х. Суох, тугу да билбэтим. Туох да кэлбэт-бар-
бат. Арай, эн кыһыл көмүс мэтээлиҥ кэлбит сураҕын истэм-
мин, көрөөрү кэллим. Дьэ, үөрүүлээх суол, доҕоор! Хайаатар
даҕаны, күн ыраахтааҕы эйигин ытыктаан, бачча сиргэ наҕа-
раада ыытар буоллаҕа! Ыраахтааҕыттан мэтээл киһиэхэ эрэ
кэлбэт. Арай, былыр, ити, Сэмэн Сэмэнэбис аҕатыгар уордьан
кэлбитэ. Онуохаҕа, бокуонньук үөрэн, бэркэ да малааһыннаа-
быта. Ол үөрүү малааһыныгар мин түбэһэн, бэркэ да аһаабы-
тым-сиэбитим. Үтүө киһи этэ бокуонньук барахсан! Куһаҕаны-
гар даҕаны күн ыраахтааҕы уордьан ыыта оонньуо дуо?!
К у л у б а. Даа, буоллаҕа, доҕор! Үтүөлээх киһини таҥара
да, күн да ыраахтааҕы умнуон сатаммат. Үтүө суол диэн суол-
тата улахан буолар.
Т ы ҥ ы р а х. Ээ, оннук-оннук. Үтүө суол хаһан даҕаны ум-
нуллубат. Бар дьоҥҥо махталлаах — таҥараҕа сиэртибэлээх
суол буоллаҕа. Хайа, Уйбаан Уйбаанабыс, эйиэхэ даҕаны, этэҥ-
ҥэ тыыннаах олордоххуна, мэтээллээҕэр буолуох кэлиэ буол-
лаҕа! Ханныгы эмэни, таҥара санаа биэрэн, сиэртибэлээтэх-
хинэ, күн судаар эрэйгин, үтүөнү оҥорбуккун умнуо суоҕа.
К у л у б а (сонньуйар). Бу оҕонньор эттэҕэ бэрдин! Хайа,
ол аайы сиэртибэлиир үп сороххо мөлтөх буолуо эбээт. Ити
мин эрэйдэнэн, сүүһүм көлөһүнүн уллуҥахпар аҕаан, муспут
үбүм сыыһын сиэртибэлээн, бу кыһыл көмүс мэтээли иилинэн
сылдьабын. Ол аайы сорох үбү булан сиэртибэлиирэ биллибэт.
Хайа, аны үбү булан сиэртибэлээбит да иһин, бар дьон ол-бу
диэбэккэ эрэ сүгүн буолаллар үһүө? Ити, биир үөрэхтээх киһи
ааттаах, учуутал, миигин, кыра-хара дьон көлөһүнүн сиэрти-
бэлээн, наҕараада ылар диэн этэр үһү.
Т ы ҥ ы р а х. Ээ, ол киһи тыла диэн! Бэйэтэ судаарыскай
аҥаардаах киһи, таҥараҕа да үҥпэт, тойоту да ытыктаабат. Тус-
па тойуктаах киһи. Кини этэр тыла, ама, ахсааннаах буолуо дуо?
К у л у б а. Оннугун оннук да, ол эрээри, истиэххэ куһаҕан.
Итинник үтүө, үөрэхтээх киһи, аанньа ахтыбат, ити курдук со-
луута суох сымыйанан саҥара сылдьар буолтун кэннэ, эгэ,
кыра дьон, туох да үтүөнү-куһаҕаны быһаарбат баҕайылар,
туох диэбэт буолуохтарай? Ити Утары диэн дууһа баар. Ол,
79