Page 76 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 76
рыылаах киһи этэ. Нуучча биллиилээх библиограба Н.А. Руба-
кинныын суруйсан, төрөөбүт тылынан айарга сүбэ-соргу ыл-
быта, кылгас кэмҥэ да буоллар, уһулуччу таһаарыылаахтык
үлэлээбитэ, саҥа үөскээбит саха литературатын комедия жан-
рынан, кэпсээннэринэн байыппыта.
Комедияларыгар кэм-кэрдии хаарчаҕар хатанан хаалбат, киһи
аймах сигилитигэр өрүү көстөр итэҕэстэри олорбут кэмин хо-
лобуругар сыһыаран, бэрт уус-уран тылынан итэҕэтиилээхтик
ойуулаабыта. Оттон кэпсээннэригэр олох тыыннаах хартыына-
лара субу буола турар курдук дьүһүйүллэн, уһулуччу уус-уран
тылынан суруллубуттара кэрэхсэтэр. Ол да иһин кини айым-
ньылара саҥаттан саҥа ааҕааччылар биһирэбиллэрин өрүү ыла
туруохтара.
Быйыл кини биир бэлиэ айымньытын — «Кукаакы Кулуба-
ны» билсиэххит, оттон эбии ааҕыыга бэриллэр «Тимир дьон
оҕолоро» диэн драмаҕа ыарахан олоххо мэҥэһик буолбут ку-
һаҕан дьаллыктар киһи олоҕор мөкү дьайыыларын туһунан
ааҕан сөҕүөххүт.
Кукаакы кулуба
(Түөрт төгүллээх комедия)
Кукаакы кулубалаах,
Киргил кинээстээх,
Суор суруксуттаах...
Өс хоһооно
МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
К у к а а к ы к у л у б а, улуус кулубата, былыргылыы суруксут, 55
саастаах.
М а р ы ы н а, кини ойоҕо, хатыҥыр, куһаҕан харахтаах эмээхсин.
С э м э н С э м э н э б и с, улуус суруксута.
И и т и э х у о л, акаарытыҥы, былдьыры тыллаах, 19 саастаах.
Т ы ҥ ы р а х С э м э н, Кукаакы ыала оҕонньор.
76