Page 77 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 77
ООННЬУУР СИРДЭРЭ
Күһүн, Сэмэнэп саҕана. Кукаакы Кулуба сайын олорор
нууччатын дьиэтэ. Куһаҕан соҕус тэриирдээх ыал,
уҥа диэки ыраахтааҕы мэтириэтэ ыйанан турар.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а э м э э х с и н хаҥас ороҥҥо утуйа сытар. Дьиэ иһигэр им-
ньим. К у л у б а таһыттан аргыый аҕай хааман, көнөччү туттан киирэн,
хортууһун остуолга уурар. Түөһүгэр кыһыл көмүс мэтээлин иилиммит,
илиитин сиэбигэр уктар.
К у л у б а. Эмээхсиэн! Марыынаа! Аата, утуйдаҕа баҕас кы-
таанаҕын. Бэйи, мин кинини соһутарым буолуо. (Эмээхсини ба-
ран тардыалыыр.)
М а р ы ы н а. Һук! Бу тугуй? (Олоро түһэр.)
К у л у б а. Эмээхсиэн, көр эрэ, бу тугуй? (Мэтээлин ыйар.)
Көрөҕүн дуо маны?
М а р ы ы н а (хараҕын сотто-сотто). Туох баарый? Эмиэ тоҕо
түөһүн тоҥсунна? Киэр бар! Киһини сүгүн утуппат буоллаҕа.
Кулуба (эмээхсин сирэйин одуулаан туран). Акаары, өйдөөн
көр эрэ! Бу күн судаар ыраахтааҕы миэхэ наҕараада ыыппыт,
күөх солко быалаах кыһыл көмүс мэтээли. Ону ылан кэлэн ту-
рабын, эн, үөрүөххүн билиминэҕин, кыыһыра сыттаҕыҥ. Хата,
туран малааһынна тэрий! Билигин Сэмэн Сэмэнэбис, Уйбаан
Уйбаанабыс кэлиэхтэрэ. (Уҥа диэки барар.)
Э м э э х с и н оронтон туран, таһырдьа тахсар.
ИККИС КӨСТҮҮТЭ
Таһыттан И и т и э х у о л киирэр, тойонун одуулаһар.
К у л у б а. Нохоо, кэл бэттэх манна. (Уол чугаһыыр, кулуба
түөһүн мөтөтөр.) Көрөҕүн дуо маны? Бу тугуй?
И и т и э х у о л. О-о, мэтээлгин иилиммит эбиккин дуу?!
Тоҕо үчүгэйэй барахсан. (Илиитинэн тутан көрөөрү гынар.)
К у л у б а. Таарыйыма, нохоо! Иирдиҥ дуу?
У о л кэннинэн тэйэр.
Акаары, ханнык аанньа илиигинэн тутаары гынаҕын? Бэйи,
тохтоо! (Ыраахтааҕы мэтириэтин ыйар.) Бу тугуй?
И и т и э х у о л. Ити дуо? Ыраахтааҕы олорор ини...
К у л у б а. Оттон бу түөһүгэр тугу иилинэн олорор?
77