Page 80 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 80
хас көрүстэҕин аайы, ыт курдук этэр. Ону кинини кытары мин
аахсыбаппын.
Т ы ҥ ы р а х. Ээ, оннук-оннук. Итинник киһини кытары аах-
сар төрүт сөбө суох. Төһө да кинилэр дэлбэрийбиттэрин иһин,
үтүөнү, кырдьыгы сабыахтара суоҕа. Кырдьык суол төһөҕө да-
ҕаны арыы курдук дагдайан тахсыа.
К у л у б а. Бэйэтэ билигин төһө эмэ үппүн сиэн сылдьар.
Ону былдьаары сордонор быһыылаах да, бэйи, сөбүн көрөн
иһиллиэ! Киһи тыыппат эрэ дии-дии, кини бэркэ өрө тэбэн
эрэр. Кини да сөбө көстүө ээ.
Т ы ҥ ы р а х. Кырдьыгын эттэххэ, бу аныгы тойот сымнаан
хаалан, итинник дьон букатын көҥүл бардылар. Сэмэн бокуон-
ньук, баара эбитэ буоллар, кинилэри көрдөөбүттэрин биэриэ
этэ, көҥүл тараҥнатара биллибэт этэ.
К у л у б а. Даа, буоллаҕа. (Түннүккэ баран туран тугу эрэ
саныыр.)
Т ы ҥ ы р а х (көхсүн этитэн баран). Тойонуом, мин эйи-
гиттэн кыратык көрдөһөөрү кэлбитим. Бу үөрүүлээх күҥҥэр
тугу эмэ...
К у л у б а. Ол тугу көрдөһөөрү кэллиҥ?
Т ы ҥ ы р а х. Кыра уолум куоракка үлэлии киирэр. Онно
туох да өйүөлүүрүм суох буолан, бу эйигин үтүө сүрэҕиттэн
санаан, кыра харчыны салҕаарай диэн кэлбитим.
К у л у б а. Ол төһөнү иэс көрдүүгүн? Хаһан төлүүргэ?
Т ы ҥ ы р а х. Биир уон сүүһү биэрдэргин, бэрт буолуо этэ.
Арыынан, отунан — күүһүм кыайарынан төлүөм этэ буоллаҕа.
К у л у б а. Оттон бэдэрээппэр от биэрбэккин дуо?
Т ы ҥ ы р а х. Биэрэрим кэмнээх буолуо дуо?! Быйыл оҕо-
лорум оттуу сатаабыттара. От эрэ баар!
К у л у б а. Дьэ, доҕоор, хайатын даҕаны Бокуруопка ыпса-
рыаҥ. Эн буолан, оттон, биэрээ инибин. Үп көстөрө кытаа-
наҕын бэйэҥ билэҕин. Эмээхсиэн, ампаар күлүүһүн аҕал эрэ!
Т ы ҥ ы р а х. Төлүүрүм кэмнээх буолуо дуо! Бастыҥ хотуур
отун биэриэм буоллаҕа.
К у л у б а тахсар.
АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ
Т ы ҥ ы р а х. Хайа, эмээхсиэн, суруксут манна бүгүн кэлэр
дуо?
М а р ы ы н а. Кэлэр эрэ, хайыыр. Хайа, арыыбын хаһан биэ-
рэҕин? Аҕаллыҥ ини, бэрт киһи?
80