Page 75 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 75
Анаан дьүүллэһии
Алампа «Таптал» драмата уонна билиҥҥи олох» диэн ааттаах
тэлэбиисэринэн «Харах дала» биэриини былаанныырга кытты-
һыҥ, сүбэлэһиҥ. Бу ыйытыылартан ханныктары туһаныаххытын
бэлиэтээҥ, санааҕытын этиҥ.
Кэтириис хараахтара кини дьылҕатыгар оруолу оонньоото
дуо?
Дьиэ кэргэҥҥэ куһаҕан сыһыан билигин баар дуо?
Таптал диэн эһиги санааҕытыгар хайдах буолуохтааҕый?
Киһи киһиэхэ сыһыана: Кэтириис уонна Сис Сэмэнэ, Кэ-
тириис уонна Ыстапаан, Кэтириис уонна Бүөтүр, Кэтириис
уонна Күлүк Сүөдэр.
НИКОЛАЙ ДЕНИСОВИЧ НЕУСТРОЕВ
(1895—1929)
Таатта улууһугар Байаҕантай нэһи-
лиэгэр төрөөбүтэ.
Саха уус-уран литературатын төрүт-
тэспитэ, бастакы кэпсээннэрин нууч-
чалыы тылынан суруйбута.
Саха литературатыгар аан баста-
кынан комедия жанрыгар бастыҥ айым-
ньылары биэрбитэ.
Кэпсээннэрэ — саха литературатын
киэн туттар айымньылара.
Төрөөбүт омуга үөрэхтэниэн, сай-
дыан баҕарара.
Ааҕыы, ырытыы
Билиини хаҥатыы
Таатта улууһугар саха үс бастакы суруйааччыта үөскээбитэ
түбэспиччэ буолбатах. Бу түөлбэ былыр-былыргыттан улуу
олоҥхоһут, сээркээн сэһэнньит, туйгун тойуксут дьон уутуйан
олохсуйбут, тыл илбиһин иитиэхтээбит ытык сирдэрэ буолар.
Таатта Оруоһуттарыттан төрүттээх эдэр Николай Неустроев
үөрэххэ дьулуурдаах, суруйааччы буоларга айылҕаттан айда-
75