Page 72 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 72

дик олорон, киһиэхэ иирэн барбатым, хаһан да синим диэн
баран эрэбин. (Таҥнар.) Тугу да ылыма диэбитэ ээ, онто суох
ылан да тугу туһаныамый. (Устан ылан төттөрү уурар). Аны
бу ыыспаҕа айыым-таҥарам эргитэн аҕалбата буоллар үчү-
гэй буолуо этэ... Аал уотум иччитэ, хоргутума! (Балаҕаны тула
көрөн баран, тахсан барар.)

                                                 Быыс

                                       ҮҺҮС ООННЬУУТА

Бүөтүр ампаар дьиэтин ортоку хоһо. Икки ааннаах, биир төгүрүк остуоллаах,
 бары дьиэ сэбэ-сэбиргэлэ аныгылыы, нууччалыы. Кыһын. Б ү ө т ү р сурук
                    ааҕар, К э т и р и и с дьыбааҥҥа олорон иистэнэр.

    Б ү ө т ү р. Кэтириис! Көр эрэ, бу биһиги дьыалабыт туһунан
сурук кэллэ.

    К э т и р и и с. Ол тугуй?
    Б ү ө т ү р. (Кэтириис аттыгар олорон баран). Мин билсэр
доҕорум суруйбут. (Ааҕар.) «Эн дьыалаҥ үчүгэй буолсук. Би-
лигин силиэстийэ оҥорорго уурбуттар. Онно эн хайаан да туо-
һу булуох тустааххын, — бу кырдьык Сэмэн Хомуйахаан ойо-
ҕун күүһүнэн бэргэһэлээбитин, ол да кэннэ атын боруоктарын
көрдөрөр киһини. Бэйэҥ миэхэ кэлэн сүбэлэс». Чэ, ити курдук.
Ити аата биһиги кыайабыт. (Күлэр.) Сис Сэмэнэ эрэйдээх!..
Үчүгэй буолбат дуо?..
    К э т и р и и с. Үчүгэйин үчүгэй да, хайа, кырдьыгы көрдө-
рөр киһи баар буолуо диэтэҕиҥ дуу. Кини обургу, үп-харчы
муҥутаан, суолун хайыы үйэ хайынна ини.
    Б ү ө т ү р. Онтон санааргыахха сатаммат. Сис Сэмэнэ ыт
курдук майгыланан олорбутун тохтотуом, олоҕун аймыам. Ки-
ни даҕаны иннигэр иин хастыбыта элбэх буолуо. Бэйи, көҥүл
хантайан олорбутун тохтотуом. (Тохтобул.) Биһиги бу курдук
олорорбут үчүгэй буолбат дуо? Аны өссө кыайдахпытына бэр-
гэһэлэнэн баран, сынньалаҥнык олоруохпут этэ. Мин эппэт
этим дуо: таптал күүстээх диэн? Оннук буолар. (Тохтуур.) До-
ҕоор, арай мин сибилигин барыыһыкпын, уһатар сатаммат.
    К э т и р и и с. Ханна бараҕын?
    Б ү ө т ү р. Ол дьыалабын ыпсара. (Таҥнар.) Туоһу булан
туруоруохха наада, ол да кэннэ атын наадалар бааллар. Эн
олор, куттаныма, ким да кэлиэ суоҕа. (Кууһан баран ууруур.)
Чэ, бардым, баҕар, хонуом, ахтыма дуу? (Тахсар.)
 .............. ..........................

         Ы с т а п а а н, С э м э н, Б ы ы б а р ы н а й, биир киһи киирэллэр.

  72
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77