Page 67 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 67

лиҥ диигин дуу? Оттон мин хос ааппын «Күлүк» диэни билбэт
этиҥ дуо? Хантан да кээлтим-баартым биллибэккэ, күлүк кур-
дук сырыттаҕым дии, киһи обургу сыыһан ааттыа дуо? Кэпсээ,
хайдах олороҕун? Мин ыалы кэрийэ сылдьаахтаатаҕым дии.

    К э т и р и и с. Үчүгэйдик олоробун.
    К ү л ү к. Бу тоҕо дьүдьэйдиҥ? Көрбөтөҕүм өр буолан, умун-
нум дуу? Хайа, байар үлүскэнигэр түүн утуйбакка, күнүс олор-
бокко үлэлээн эрдэҕиҥ дии. Сөбө буоллаҕа. Хайа бу, чэйгин
кут, ыалга табыллымына, утаттым. Киһиргээбэккэ эттэххэ, хор-
гуйдум даҕаны. (Табах тардар.)

               Кэтириис остуолга биир чааскыны ууран, үүттээн биэрэр.

    К э т и р и и с. Чэ, кэл, ис.
    К ү л ү к . Хайа, куһуогуҥ? (Иһэр.) Мин, бу да буолларбын,
куһуога суох уу чэйи аска холуйааччым суох ээ.
    К э т и р и и с. Эрим, ыалдьыттары аһата олороор диэн — ас
биэрбэт, бэйэбэр туспа тугум да суох. Ону хайыамый?
    К ү л ү к. Тоҕо сүрэй, доҕор. (Биир чааскыны иһэн баран,
чааскытын түҥнэрэр.) Сылбархай чэй төлөбүрэ — баһыыба
аҥаара буолар. (Күлэр, оһох төрдүгэр талах сытарын ылан,
кыһа оонньуур.) Чэ, буоллаҕа, ол эрээри тоҕо сүрэй. Бу дьиэ-
ҕит-уоккут тоҕо кураанаҕай? Бөлүүн икки ынахтаах Лэкиэскэҕэ
хоммутум: маннааҕар быдан ордук этэ, ньидьирээбитэ атын.
Оттон бу эһиэхэ буоллаҕына, холорук сөрөөбүтүн курдук дии,
бу кэннэ баай аатыраҕыт. Туох ааттаах баҕайытай! Эһиги баай-
гытын улахан үүрдүн.
    К э т и р и и с. Баайбын да, дьадаҥыбын да билбэккэ олоро-
бун. Мин эрим: «Мин уйгу быйаҥмын, кэтит кэһиибин дьоҥҥо
супту уулатан көҕүрэтиэ», — диэн, миэхэ хамса табаҕы, кутуу
чэйи бас биллэрбэт. Онто да суох мин күтүр, кэччэгэй аатым
балай эрэ тарҕанна. Чэ, ол туох буолуой. Ити эйиэхэ биир
чааскы хара ууну иһэрпитим да айдаана суох сүгүн хаалар үһүө.
    К ү л ү к. Миигиттэн хоргутума, эйигин эппэппин. Барытын
истэн, билэн сылдьаахтаатаҕым дии. Көр, олох быһыыта ити
курдук буолар. Ол эрээри үчүгэй куһаҕана суох буолбат, ку-
һаҕан үчүгэйэ суох буолбат, биһиги да алааспытыгар былыт
быыһынан күн тыгыаҕа. (Табах тардар.)

                   Кэтириис иһитин хомуйар, чаанньыгар уу кутан өрөр.

    К э т и р и и с. Арай эһиэхэ күн тыгаа ини, сороххо баҕас
күн тахсара, киирэрэ биллибэт. Үчүгэй наар үчүгэй, куһаҕан

                                                                                                                                      67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72