Page 63 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 63

К э т и р и и с (өр соҕус тыаһатан баран тохтуур). Ок-сиэ!
Оҕолор оонньоон эрдэхтэрэ тоҕо үчүгэйэй. Мин тоҕо кинилэр
курдук оонньооботум буолуой? Миигин таҥара оонньоо, күл
диэн айбатах ээ, быһыыта. Кинилэр, аҕалаах-ийэлээх оҕолор,
оонньоомуналар. Арай мин, төрүөхпүттэн тулаайах хааламмын,
үрүҥ күн эрэ сырдыгын батыһа сырыттаҕым.

                               Оҕолор күлсэллэр. Кэтириис тохтуур.

    Чэ, ол эрээри мин да эдэрбин, сааһым тухары маннык олох-
хо анамматаҕым буолуо, таҥара тулаайаҕы аһынар дииллэр.
Үчүгэй киһиэхэ эргэ таҕыстахпына, бэйэм баспын билинэр буол-
лахпына, син мин да үчүгэй буолуом. (Тохтуур, хомуһун тардар.)

   Уҥа тыа иһигэр киһи иһиирэр, кыыс тохтуур. Б ү ө т ү р, саалаах, тахсан
                           кэлэн, кыыс аттыгар олорон, табах тардар.

    Б ү ө т ү р. Кэпсиэ, тугу иһиттиҥ? Бу тоҕо санаарҕаан олор-
дуҥ? Эмиэ абаҕаҥ сыста дуу?

    К э т и р и и с. Суох, тугу да истибэтим, туохтан да санаар-
гыы иликпин.

                                            Оҕолор айдаараллар.

    Б ү ө т ү р. Бу туох оҕолоро мунньуһуннулар?
    К э т и р и и с. Ээ, сайылык оҕолоро оонньууллар ини.
    Б ү ө т ү р (чугаһаан олорор). Оттон эн тоҕо оонньообок-
кун? Хонууга сылдьыахха, от-мас көҕөрөн эрэрэ үчүгэйэ бэрт.
Киһи эрэ да сэргэхсийиэх курдук.

                                Чыычаах ыллыыр, оҕолор күлсэллэр.

    Оннооҕор ити чыычаахтар сайын күөх, көҥүл кэлбитигэр
үөрсэн ыллыыллар. Оту-маһы көрдөххө, бары хамсыырга, тыы-
нарга дылы гыналлар.

                 К ү л ү к С ү ө д э р саһан кэлэн тиит күлүгэр олорор.

    К э т и р и и с. Онно да чэпчиир киһи чэпчиирэ буолуо... Со-
рох баҕас мээнэ көрөр.

    Б ү ө т ү р. Буоллаҕа... Кэтириис, бэҕэһээ тоҕо мин ыйбыт
сирбэр барбатыҥ?

    К э т и р и и с. Тулаайах, акаары кыыс диэн күлүү-элэк оҥо-
һуннаҕыҥ аайы тоҕо барыамый...

    Б ү ө т ү р. Күлүү-элэк оҥостор диэн буолбат. Эн тулаайах-
хынан, эн көмүскэлэ суоххунан туһанаары ыҥырбатаҕым, мин
оннук санаалаах киһи буолбатахпын. Мин эйигин кытта кэпсэ-
тээри эрэ гыммытым.

                                                                                                                                      63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68