Page 65 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 65

гэри көрүҥ эрэ. Чэ, хайа күүспүнэн мөккүһэбин? Оо! Тойон
таҥара, тэрийбитиҥ кытаанаҕын эбитин! (Ытыыр.)

    Э м э э х с и н (кэлэн). Тукаам! Кэтириис! Кэл, барыах, аба-
ҕаҥ тоҕо кэлбэтэ диэн кыыһыран эрэр, кэлбэтэҕинэ, бэйэм
тахсан киллэриэм диир. Аны бэйэтэ тахсыа. Чэ, кэл, барыах!
(Илиититтэн тардар, Кэтириис барбат.)

    К э т и р и и с. Барбаппын. Абаҕам улуу дьаалы, миигин бач-
ча сааспар диэри хамначчыт гыммытыгар баҕата ханымына,
аны атыылаан, быстыбытын салҕанаары гыннаҕа дии. Киэр
бар! Барыам суоҕа.

    Э м э э х с и н. Туох диэн эттэҥий? Сис да Сэмэнэ, ама
кырдьаҕаһын иһин, эн сирэр киһиҥ буолуо дуо? Хата бу, аба-
ҕабар сыстаммын, баайга түбэстэҕим диэн үөрүөххүн сатаан
үөрбэккин. Ол-бу буолан кубулунума, ити майгыҥ иһин абаҕаҥ
сыстаҕына буруйа буолуо буоллаҕа. Чэ, хата, маҥнайгы ал-
гыскын кэҕиннэримэ. Дьолгуттан мүччү түһүмэ, барыах, сө-
бүлэнэн кэбис.

    К э т и р и и с. Дьоллоох буолларбын, дьолум түҥнэһиннин,
онно кыһаныма, эн дьолуҥ түҥнэстиэ суоҕа. Мин син эһиги
илиигит иһигэр баарбын, хайдах оҥороргутугар көҥүлгүт. Арай
үөһэ үрдүк таҥара кырдьыгы-сымыйаны көрөн турара буолуо.

    Э м э э х с и н. Чэ, айылааҕын абаҕаҕар ити быһыыгын-май-
гыгын кэпсиэм. Чэ, бэйи эйигин баҕас... Киһи... (Барар.)

 .............. ..........................

    К ү л ү к. Көр, олох диэн ити буолар. (Кыргыттар сиэттиһэн
ааһаллар.) Киһи бэйэтэ саныыр санаата аныгы үйэҕэ быраап
буолбат. Ити кэннэ таптаһа сырыт. Өссө көрөн-билэн иһиэҥ,
аһыммытым иһин хайыамый, арыгыттан аһастым. Биһиги киһи
инникитигэр кыһанааччыбыт суох. Бэйэбитигэр эрэ үчүгэй буол-
лун. Ытаама, ытаан да кими куттаары гынаахтыыгын? Чэ, бы-
растыы. (Барар. )

 Ы с т а п а а н С и с С э м э н н и и н өйөһөн баран, кэлэллэр, итириктэр.
                  К э т и р и и с, кинилэри көрөн баран, уҥа диэки барар.

    С э м э н. Миэхэ үлэһит эрэ буоллун. Кыыс оҕону үөрэтиллиэ.
    Ы с т а п а а н. Чэ, үлэни баҕас үлэлиир оҕо буолуо. Хата,
хойут миэхэ махтаныаҥ. Сотору ылар инигин?
    С э м э н. Дьиэбэр киһим суох, сотору ылымына. Дьэ харчы-
бар ылбыт киһибин эһиэхэ өр олорпотум буолуо. (Күлсэллэр.)
    Ы с т а п а а н. Оннук! Оннук! Кыыс ол-бу буолан мунньаҥ-
наатаҕына, үчүгэйдик таһыйан биэрэр буол, онтон атын эмэ

                                                                                                                                      65
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70