Page 61 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 61
Тыыннаах тыл
Аллитерация уонна ассонанс туттуллуутугар холобурдары булан
быһаарыҥ.
Төхтүрүйэн этии айымньыга суолтатын туһунан кэпсэтиҥ.
Дьол уонна Сор кэпсэтиилэригэр киһи айылгыта хайдах көстөрүн
толкуйдааҥ.
Анаан дьүүллэһии
1. Дьолу хайдах өйдүүгүтүй?
2. Дьол туһунан өс хоһооннорун төһөнү билэҕитий?
3. Алампа: «Сор икки Дьол икки тутуспутунан сылдьыбыт-
тар», — диэн этиитигэр сөбүлэһэҕит дуо?
4. Эссе суруйаргытыгар эпиграф быһыытынан бу устуруокалары
таллаххытына, тугу суруйуо этигитий? Санааҕытын этиҥ.
Дьолу даҕаны дьоҥҥо
Оччугуйдук оҥордоххуна,
Кыратык биэрдэххинэ,
Минньигэстик санатыаҥ.
Бөлөҕүнэн үлэ
Туох да уһуктаах,
Барыта баранар,
Кэм-кэрдии ситэр,
Олох-дьаһах уларыйар,
Күөх хардарыйар,
Хардаҥ көҕөрөр… —
бу кэрчиги биирдии устуруокаларынан үллэстэн, бөлүһүөктэр мөк-
күөрдэрин тэрийиҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Анемподист Иванович Софронов «Таптал» драматын нуучча суру-
йааччыта А.Н. Островскай «Этиҥнээх ардах» («Гроза») диэн айымньы-
тын сабыдыалынан суруйбута биллэр. Алампа нуучча классиктарын
61