Page 57 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 57

Оҕо төрөппүт,
Баайа барҕарбыт,
Тото тупсубут,
Үбэ үксээбит.
Үтүөтэ үрдээбит,
Дьоло тупсубут,
Соргута тосхойбут.

        Онуоха
        Ол киһи
Хараҕа туолбатах,
Санаата сиппэтэх,
Ончу диэн
Улахаҥҥа холуйбатах.
Үптэннэҕин аайы үлүһүйэн,
Үксэтиэн баҕарбыт,
Баайданнаҕын аайы басыһар
Баҕата улааппыт,
Аат былдьаһыыта
Алыс наһаалаабыт,
Наар таптал
Салгытан барбыт,
Атыттарга аралдьыйбыт,
Аньыыны оҥостубут,
Аанньа ахтыбат буолбут,
Дьоллоохпун диэн
Туура толкуйдамматах,
Баайдаахпын диэн
Адьас ааҕымматах,
Эрэйдээх курдук этиммит,
Кыһалҕалаах курдук санаммыт,
Дьолу дьукку умнубут,
Сору субу-субу
Супту ыҥырар буолбут.
        Д ь о л:
(Ону оҥорон баран,
Сорго супту сурулаан тиийэн,
Субу курдук диэбит)
— Эн эппитиҥ
Илэ-бааччы кэллэ,
Аан дойду дьонугар
Уһуга суох дьол оҥоһуллубатах,
Кэмэ суох кэскил тэриллибэтэх,

                                57
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62