Page 52 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 52
Сүрэхтээх үтүөтэ,
Суобастаах сокуонайа.
Ырыаһыт ырааһа,
Оонньуулаах ордуга,
Көрдөөх-нардаах күтүрэ.
Тупсуон уоругар
Доруобуйалаах туйгуна.
Бэккиһэтиэн иннигэр
Эттээх-хааннаах чэгиэнэ.
Ылбардыыра кынтардыыры
Ыксаласпыт эрэ киһи
Быттах санааттан быралыйан
Ыраас санааны ылынар,
Дьүһүнүн эрэ көрбүт киһи
Дьүөкэт үөрэҕиттэн төлөрүйэн
Дьүүллээх өйүн түмүнэр.
Аттыгар эрэ барбыт киһи
Айыылаах санааттан арахсан
Айыылыы майгыланар.
Сырдыгы дьэ сыаналыыр,
Үчүгэйи дьэ өйдүүр,
Айыыны дьэ саныыр буолар.
Уранныыра куллустуурга
Улаханныын-оччугуйдуун умсугуйаллар,
Эрдиин-дьахтардыын иирэллэр,
Үтүөлүүн-мөкүлүүн үҥэллэр.
Алардыыра барахсаны
Айыҥат хаан аймаҕа
Айар-кэрдэр күннэригэр,
Аҕыс түүннээх күҥҥэ
Айдааннаах дьүүлү арыйбыттар —
«Аан ийэ дайдыны
Айбыппыт тохору
Ааньньа бэлэҕи
Анаабыппыт суоҕа, —
Аҕыс тыһыынча сылга
Ахтыыга сыльдьар,
Айыытааҕар даа ордук,
Абааһы даа амарахсыйар
Айталыын куо кыыста
Айан биэриэҕиҥ», — диэн
52