Page 49 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 49
Кыыһырыыһы быһыылаах.
Табыталлаах талыыта,
Таҥараны саратар,
Тапталлаах чыычаах,
Татыйыктыыра барахсаҥҥа
Таҕааран тэҥниэхпин —
«Табыллыбат көрүҥнээх,
Талах туорааҕа аһылыктаах
Татыйык далаҕаҕа
Табылыннаран холоотоҕо», — диэн
Таһарахтык саныыһы.
Үрэх баһыгар үөскүүр,
Үгүс үбү суккуйар,
Үтүөкэн түүлээх
Үүс кыыл оҕотугар
Үтүгүннэрэ көрүөхпүн —
«Үс дойду сүктэр кыыһа
Үрүҥ кынан үргэҥниир
Үүһүгэр холуйдаҕа», — диэн
Өһүргэниэххэ айылаах.
Саалаах саха
Саргытын салайбыт,
Салаҥ үбү сайҕаабыт
Саарба кыыл оҕотугар
Сабаҕалаан саҥарыахпын —
«Саха дьахталлара
Саҕа кынан сахсыйар
Саарбатыгар холуйдаҕа», — диэн
Санаатыгар тутууһу.
Киһи-киһи кэрэхсээбит,
Кистэлэҥнээх үп буолар
Киргиллээх киис оҕотугар
Кэккэлэтэ этиэхпин —
«Кийиит дьахталлар
Кэтэх кынан кэҕийэр
Киистэригэр тэҥнээтэҕэ», — диэн
Киҥнэнэ истииһи.
Холуйбат буолуохтааҕар
Холуйдахпына, доҕоттоор —
Ньургуллан турар бэйэтин
Дойду иччитигэр
Доҕуйа көрөбүн
49