Page 51 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 51

Бэрдимсийэ сытаабытын иһин,
Бэртээхэйдиир үчүгэйин
Биэс кыммыт биирдэрин
Мэтириэтигэр бэлиэтээн
Ылыа суох эбит.
Улуу олоҥхоһут-ырыаһыт,
Улуутуйа-улуутуйа,
Уустуктаан-ураннаан
Уоһунан оҥоро сытаабытын иһин,
Ураты үчүгэйин
Уон кыммыт биирдэрин
Онолуйан туойуо суох эбит.

Үс дойду үрдүнэн
Өйдөөҕүнэн аатырбыт
Үөрэхтээх үтүөтэ,
Өйдөөҕүмсүйэ-өйдөөҕүмсүйэ,
Үтүктэ-үөрэтэ сытаабытын иһин,
Үтүөтүн-үчүгэйин
Үс кыммыт биирдэрин
Өйгө түһэрэн биэриэ суох эбит.
Бэккиһэтиэн мэктиэтигэр,
Тупсуон уоругар,
Наардыан наадатыгар
Эр дьон эҥин бэттэрин
Эппэт кэлэҕэй кынар
Элбэх эргитиилээх мэйиилээх,
Үөрэхтээх-өйдөөх бэттэрин
Үлүк-балык туотар
Үгүс үрэллэҕэс өйдөөх,
Саха омук саамай бэттэрин
Саҥата суох ыытар
Сайаҕас-сайдам санаалаах;
Устар ууну сомоҕолуур
Улахан уус-уран тыллаах,
Ыллыбыт суолу ыпсарар
Ыллыктаах ыраас тыллаах,
Арааттаммыт санааны самсыыр
Алыптаах айахтаах.
Кыыһырар диэни кыайбат,
Этиһэр диэни билбэт,
Куһаҕан диэни булбат.
Майгылаах бастыҥа,

                                51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56