Page 56 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 56
— Алҕас саҥардыҥ, атаас,
Аан дойду дьонун тугунан даҕаны
Адьаһын астыннарыаҥ суоҕа,
Үчүгэй оҥордоҕуҥ аайы,
Үлүһүйэн иһиэхтэрэ,
Дьолу тосхойдоҕуҥ аайы,
Дьорҕойо туруохтара,
Аатыҥ аччыа,
Алгыһыҥ бараныа.
Мин тылым кырдьыгын
Бигэргэтиэххин баҕардаххына,
Биир киһитэ ылан
Биримиэрдэ оҥорон
Бил эрэ,... — диэн баран,
Бии баҕайы мичик гыммыт,
Мэлис гынан хаалбыт...
Дьол
Соҕотоҕун хаалан
Толкуйдуу турбут,
Сүөргү саҥатын
Сөбүлүү санаабыт.
Уонна
Биир биллэр киһиэхэ
Соргу бөҕөнү тосхойбут,
Баай бөҕөнү байыппыт,
Тапталы наар таптайбыт,
Өрөгөйүн үрдэппит,
Үбүн үксэппит,
Үтүөнү үтэйбит,
Уһун диэн үйэлээбит,
Охтубат диэн оҥоһуулаабыт,
Олус дьоллообут,
Илин өттүгэр
Кэбиспит от саҕа
Кэскили кэтирэппит,
Ойоҕос өттүгэр
Ойуур тыа саҕа
Охтубат уруйдаабыт.
Уонна
Одуулаан олорбут...
Онуоха киһитэ
Ойох ылбыт,
56