Page 55 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 55

диэн кинигэтигэр Алампа туһунан ахтыытыгар үс бырааттыы
Софроновтартан кини ордук эрэйдээхтик олорбутун туһунан
этэн баран: «Ол эрээри айар үлэ өрөгөйдөөх үөрүүтүн көрсүбүт-
тэрэ,.. үрдүк талаанынан өлбөт үйэлэммиттэрэ эмиэ кини этэ
эбээт!» — диэн сөхпүт санаатын биллэрбитэ. Алампа дьылҕата
ити курдук утарсыылаах, сырдык-хараҥа былдьаһыылаах буол-
бута дьикти. Айар үлэтигэр элбэхтик санаа оонньуутун, киһи
уустук дьылҕатын, олох мөккүөрүн көрдөрбүтэ. Кини «Таптал»
диэн драматын дьоруойа Күлүк Сүөдэр: «Куһаҕаннаах үчүгэй
куустуспутунан сылдьаллар», — диэн этэринии, төһө да ыарахан
буоллар, киһи олоххо эрэлинэн күүстээх диэн санааны тутуһара.

Ааҕыы, ырытыы

                       Дьол икки Сор икки

                         Салгын устун санньылыйан,
                         Халлаан аннынан халыйан,
                         Дьол Сору кытта
                         Аргыстаһан айаннаабыт.
                         Ол иһэн,
                         Оргууй ахханнык
                         Ботугураһа испиттэр.

                                  Д ь о л:
                         — Мин
                         Орто дойду дьонун
                         Отой санаата суох гына
                         Олохторун оҥоруом,
                         Уһуга суох дьолу угуталаан биэриэм.
                         Оччоҕо
                         Оччугуйуттан улаханыгар диэри
                         Омнуота суох олоруохтара,
                         Ордук миигин өйдүөхтэрэ, — диэбит.

                                  С о р:
                                  (Ону истэ иһэн,
                                  Иһин түгэҕиттэн
                                  Иҥэрсийэн күллэ,
                                  Ити курдук диэн
                                  Этэ истэ)

                                                              55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60