Page 50 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 50

Ньургустуура барахсаны.
                       Ааттаммыт бэйэтин
                       Айыыһыт хатыҥҥа
                       Атылыытык ааҕабын
                       Алайаана барахсаны.
                       Эттиин-хаанныын бэйэтин
                       Иэйэхсит ийэбэр
                       Игирэлии этэбин
                       Эйэҕэстэй ньэҥкэрдиирбин.
                       Хаанын ырааһын
                       Халлаан кустугар
                       Ханыылыы харахтыыбын
                       Ханардыыра барахсаны.
                       Уҥуоҕун көнөтүн
                       Улуу күөл кулуһунугар
                       Утаалыы уурабын
                       Уранныыра куллустуурбун.
                       Чабырҕайа сандааран,
                       Иэдэһэ килбэчийэн,
                       Ньуура туналыйан,
                       Күлэн-оонньоон күлүмүрдээн,
                       Этэн-тыынан дьирибинээн,
                       Туран-олорон туллуктанан бардаҕына,
                       Туналы-маҕан күммэр
                       Тутуһуннара толкуйдуубун
                       Туттайаана дьорордуурбун;
                       Киирэн-тахсан
                       Кирибиньньиктэнэн бардаҕына,
                       Килбиэн маҕан күммэр
                       Кэккэлэһиннэрэ этэбин
                       Килбэйээнэ дьэрэликпин.
                       Баран-кэлэн
                       Маньньыаттанан бардаҕына,
                       Маҕан-сырдык күммэр
                       Бааралыы саныыбын
                       Маҥхардыыра барахсаны.

                       Ол эрээри
                       Барбаҕынан маргыйа сатыыбын,
                       Көтүүн күүгүнээн көрөбүн,
                       Кураанаҕы куйаара олоробун —
                       Бу кыыс оҕо үчүгэйин —
                       Бэрдимсик мэтириэччит ньуучча,

50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55