Page 53 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 53
Аҕыс уон омук үтүөтүн
Апчырайан ылан,
Алҕаан айбыттар эбит.
Үрдүк айыылар
Үөскэтэр күннэригэр
Үгүс күҥҥэ
Үүрээннээх дьүүлү дьүүллэспиттэр —
«Үрүҥ күнү
Үөскэппиппит тохору
Үтүө бэлэҕи
Түһэрбиппит суоҕа, —
Үгүс үйэлэр тохору
Өс хоһоонугар сыльдьар
Үөрүүлээх үчүгэйдэ
Үөскэтиэҕиҥ», — диэн
Үгүс үрэх үтүөтүн
Үмүрү тардан ылан,
Үһүйэн түһэрбиттэр эбит.
Сүдү айыылар
Сүр-кут угалларыгар
Сүрдээх сүпсүктээх
Дьүүлү түһэрбиттэр —
«Сүөһүнү-киһини
Түстээбиппит тохору
Сүппэт бэлэҕи
Түһэрбиппит суоҕа, —
Сүүс үйэ тохору
Сүппэт бэлэх буоллун!», — диэн
Сүүрбэ омук үтүөтүн
Сүүдүйэн ылан,
Сүбэлэһэн түһэрбиттэр эбит…
Орто туруу дойду
Дьоллоох ойуута диэн
Ол кыыс аата буолар эбит,
Кэрэ дьаҕыл дайды
Киэргэллээх симэҕэ диэн
Кини аата буолар эбит,
Аан ийэ дайды
Маанылаах мандара диэн
Маннык аата буолар эбит…
Таатта, 1910 сыл
53