Page 58 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 58
Быстыбат быйаҥ ыйыллыбатах,
Наар таптал анамматах,
Өҥүрээбэт өрөгөй
Өрүү үөскээбэтэх эбит...
Ону мин,
Алҕас санаан,
Адьаһын умнан
Аралдьыйбат айылгыны
Аан дойду үрдүгэр
Арыйаары санаммыт эбиппин.
Туруу дойду дьонугар
Тулхадыйбат дьолу
Туруораары гыммыт эбиппин, — диэн
Тойугулуу турда.
Онуоха Сор обургу
Сундулус гына
Тура түстэ уонна
Субу курдук диэн
Субурутан барда.
С о р:
— Аан дайды үрдүгэр алдьаммат
Айылгы анамматаҕын,
Кэтит сир үрдүгэр кэлтэрийбэт
Кэскил тэриллибэтэҕин билиҥҥэ диэри
Билэ иликкин дуо?!
Туох да уһуктаах
Барыта баранар,
Кэм-кэрдии ситэр,
Олох-дьаһах уларыйар,
Күөх хардарыйар,
Хардаҥ көҕөрөр.
Ону оройдоон,
Дьолу даҕаны дьоҥҥо
Оччугуйдук оҥордоххуна,
Кыратык биэрдэххинэ,
Минньигэстик санатыаҥ,
Бэркэ биллэриэҥ.
Аан дойду дьонугар айылгыны
Аччыгыйдык анаатаххына,
Ааккын минньигэстик аҕыннарар буолуоҥ.
Уонна
Антах хайыһан баран
Алларастаан күллэ...
58