Page 54 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 54
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. А.Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх Өлөксөй Туйаарыма Куотун,
остуоруйа Сир Симэҕэ кыыһын, тас кэрэтин, туҥуй ыраа-
һын ханнык тылларынан туойарый, кэрэхсиирин, сүгүрү-
йэрин биллэрэрий? Хоһоонтон булан холобурдааҥ.
2. Хоһоону кэрчиктэринэн арааран, кыыс оҕо тас дьүһүнүн
кэтэҕэр норуот төлкөтө-ыйааҕа, майгыта-сигилитэ, кыаҕа,
кэскилэ түгэхтээн этиллэрин кэпсэтиҥ.
3. Билигин ыытыллар араас таһымнаах кыыс кэрэтин, ураты-
тын тургутан көрөр күрэхтэр тустарынан санааҕытын үл-
лэстиҥ, ол күрэхтэр туһалаах дии санаабыт өрүттэрин тугу
бэйэҕитигэр ылыныаххыт этэй?
4. Биир талбыт кэрчиккитин хоһоонноохтук ааҕыҥ.
Анаан дьүүллэһии
1. «Кыыс оҕо — омук анала» диэн саха өһүн хоһооно баар.
Кэпсэтиҥ, санааҕытын атастаһыҥ.
2. Киһи киэбин таһынан сылдьар, тосту-туора быһыыланар,
өйдөрө-санаалара сатарыйбыт, эттэрэ-хааннара эмэҕирбит
кыргыттар дьылҕалара хайдах буоларый? Ити алдьархай-
тан быыһанар-өрүһүнэр туох сүбэ-соргу баарый? Кыыс кэрэ-
гэй дьылҕатын ойуулуур кэрчиктэри атын суруйааччылар
айымньыларыттан холобурдааҥ.
АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ—АЛАМПА
(1886—1935)
Таатта улууһугар I Дьохсоҕон нэһи-
лиэгэр төрөөбүтэ.
Саха уус-уран литературатын төрүт-
тэспит суруйааччы.
Литература үс сүрүн көрүҥэр: эпос-
ка, лирикаҕа, драмаҕа — өлбөт-сүппэт
айымньылары биэрбитэ.
Общественнай деятель, сырдатааччы.
Саха тыйаатырын төрүттээбитэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Ам-
ма Аччыгыйа «Киһи уонна айымньы»
54