Page 59 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 59
Д ь о л:
— Сөпкө сүбэлээтиҥ,
Чахчыны саҥардыҥ.
Аныгытын арахсыспакка
Аргыстаһа сылдьан,
Аан дайды үрдүгэр
Аҥаардаһан үлэлиэх,
Атааннаспакка сылдьыах,
Атастыы буолуох, — диэн
Амалыйа турда.
Соннугу истээт,
Сор обургу
Соллоҥо хамнаата —
Сору оҥоруон баҕарда.
Иҥсэтэ эргийдэ —
Иэдээни тэрийиэн баҕарда,
Ити кэннэ эттэ.
С о р:
— Буоллун даҕаны, догубуор —
Улахан аҥаарын,
Ордук өттүн
Сорго тосхойуоҥ,
Аччыгый аҥаарын
Айылгыга аныаҥ.
Ити кэннэ
Иһит эрэ!
Аан дайдыга
Айылгылаабыт киһигин аймыым,
Соргулаабыт киһигин
Сорго ыган
Соҕотохто соҥотуум,
Сору биллэриим, — диэн баран
Соргулаах киһи диэки
Хайыһан көрбүтүгэр
Халыҥ үлүгэр
Харах уута
Халыс гынна,
Көрө түспүтүгэр
Көмүскэ уута
Күөл уутун курдук
Күлтэс гына түстэ.
Онтон
59