Page 60 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 60
Дьоллоох киһи
Тускута умулунна,
Туоҕа да суох буолла,
Эрэйэ элбээтэ,
Эгэлгэтин этиттэ,
Ааспыт саргытын
Салаҥнык санаата,
Айылгытын аҕынна,
Айманан барда,
Сорго түбэһээт супту
Дьолу номохтонор буолла...
Онуоха С о р:
— Иһиттиҥ дуо итини?
Кини,
Үчүгэйгэ олорон, эйигин
Өрүү диэн өйдүөбэт этэ,
Саргыга сылдьан, эйигин
Адьаһын диэн ахтыбат этэ,
Билигин буоллаҕына,
Билэрэ эрэ эн,
Толкуйа эрэ Дьол буолла.
Туохтан оннугуй,
Толкуйдаа эрэ!...
.........................
Сол күнтэн ыла
Сор икки Дьол икки,
Тус-туспа барбакка,
Тутуспутунан сылдьыбыттар...
Дьокуускай, 1924 с.
Тылбытын байытабыт
Омнуота суох олоруохтара — эрэйэ суох олоруохтара.
Иҥэрсийэн күллэ — ат кистиирин курдук күллэ.
Амалыйа турда — саас-сааһынан саҥарда.
Соллоҥо хамнаата — иҥсэтэ көптө.
Соргулаабыт киһигин — дьоллообут киһигин.
Көмүскэ уута — харах уута.
Тускута умулунна — дьоллоох олоҕо умулунна.
60