Page 64 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 64

К э т и р и и с. Мин эн курдук киһини кытта кэпсэтэр өйүм
да суох...

    Б ү ө т ү р. Бэйи эрэ, тохтоо, эн туох диэн ити курдук этэ-
ҕин? Мин эйиэхэ, хас көрүстэҕим аайы, этэбин: «Мин эйигин
таптыыбын». Туох диэн, ханнык тылынан мин эйиэхэ таптыыр-
бын кырдьыктаннарыахпыный?

    К э т и р и и с. Эн миигин тугум диэн таптыаххыный, ити эмиэ
күлүү гынан этэҕин ээ...

    Б ү ө т ү р. Таптал баай да хоту, аат-сурах да хоту буолбат.
Сүрэх сөбүлүүрэ диэн улахан кытаанах суол буолар. Ону, кыр-
дьык, эн билбэтиҥ да буолуо...

    К э т и р и и с. Хайдах да эппитиҥ иһин, эн этэр тапталгын
өйдүүр гына миигин таҥара оҥорботох. Ити кэннэ миигин ки-
һи да таптаан умсугуйуо дии санаабаппын, эйигин, таптыах-
тааҕар буолуох, хата, эдэр тойоммут дии сылдьабыт. Ол эн
этэриҥ курдук буолтун да иһин, мин эйиэхэ тугум туоххар тэҥ-
нээҕий?.. Миигинэн кыыс барамматаҕа буолуо.

    Б ү ө т ү р. Иккиһин этэбин, таптал баай-дьадаҥы диэн араар-
бат, баайы-дьадаҥыны киһи бэйэтэ булар. Дьадаҥы буолан
баран, дьоллоохтук олордоххо, баай киһи эрэйдэнэн олоро-
рунааҕар ордук. Баай диэн тугуй? Баай — күн эрэйэ, күн кы-
рааската. Ээ, чэ, ол хааллын. Эн мин тылбын итэҕэй, мин
эйигин, кырдьык, сүрэхпиттэн таптыыбын, ону мин хайаан
да биллэриэм. Эн да ити дьоҕойонуҥ, өйдүүрүҥ буолуо ээ.
(Кууһан ууруур.)

                                                   Күлүк көрөр.

    Чэ, барабын, сарсын хоту көлүйэ кытыытыгар күүтүөм, эл-
бэх этэр тыллаахпын. (Туран кэлбит сирин диэки барар.)

 .............. ..........................

       Балаҕан диэкиттэн атах сыгынньах К у һ а ҕ а н у о л сүүрэн кэлэн:
           «Кэтириис! Кэтириис! Абаҕаҥ ыҥыртарар, кэлэ тарт!» — диир.
                               Бары тохтууллар, уолу тула тураллар.

    К у һ а ҕ а н у о л. Оҕолоор, уруу буолла, мин арыгы истим,
итирдим. Кэтириис, чэ, бара тарт! Ыстапаан Кэтирииһи Сис
Сэмэнигэр эргэ биэрдэ. Итирдим, иэхэйбин да иэхэйбин. (Эк-
кириир уонна сотору барар.)

    1-г ы у о л. Көр эрэ доҕор, Кэтирииспитин, ол иһин даа!
Оҕолоор, хата, онно барыаҕыҥ.

         О ҕ о л о р бары сырсан хаалаллар. Кэтириис соҕотоҕун хаалар.

    К э т и р и и с (өр соҕус саҥата суох олорон баран). Бу үлү-

  64
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69