Page 66 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 66
суох. Кырдьыга даҕаны, талаҕынан дьарыйан киһи быһыылаах
киһи оҥорбутум ээ.
С э м э н (күлэр). Чэ, ол чааһынан баҕас санаарҕаама, ону
бэйэбит да билиэхпит. Бу да кырыйдарбын, биир кыыс оҕону
иннин ылыам дии саныыбын. (Күлэр.)
Ы с т а п а а н. Оҕонньоор! Хата, билигин аҕабыкка таары-
йаар, баҕар, ити кыыс бэргэһэлэнэригэр тиийэн аккаастаан,
иэдээни оҥоруо. Ону эрдэттэн сэрэннэххэ сатаныа. Баран кэп-
сэт. Чэ, хата, баран тобохпутун иһиэх.
С э м э н. Ол чааһынан санаарҕаама. Тээтэ мин тылбыттан
тахсыа суоҕа. Биһиги бииргэ өлүөхпүт... Биир дьоммут. (Баран
иһэннэр.) Тээтэ санаатын киһи билэр, хайа мин арыым-сүө-
гэйим минньигэс ини. (Улаханнык күлэр.)
Быыс
ИККИС ООННЬУУТА
Сис Сэмэнин сайылыга. Дьиэтин сэбэ-сэбиргэлэ барбах, куһаҕан.
К э т и р и и с (хаҥас диэки уот иннигэр түүтэх бурдугу
куоластыы олорор). Ок-сиэ! Тойон таҥара оҥорбута тугун
сүрэй, доҕоор. Бу мин туох айыым иннигэр маннык эрэйгэ,
муҥҥа-сорго анаммытым буолуой. Саатар, сынньыллыбакка,
мөҕүллүбэккэ сылдьарым баҕалаах буоллаҕа. Таҥара эрэйи
таптыыр, эрэйдээхтэри аһынар дииллэрэ, арай онон буолла-
ҕына, кэнники олоҕум тупсаа ини. (Тохтуур.) Ол үрдүгэр бу
Бүөтүр өйбүттэн-санаабыттан тахсымына эрэйдээтэҕэ үһү.
Хаста даҕаны, бэйэбэр тиийиниэх киһи, суос-соҕотох кинини
аһынарбыттан тохтоотум. Тоҕо кини мин санаабыттан тахсыба-
та буолуой? Кини диэки санаатарбын эрэ, хайдах эрэ сүрэҕим
хамсыырга дылы гынар буоллаҕа үһү. Тугун дьиибэтэ буолла.
Таптыыллара диэн итинник буолара дуу, хайдах дуу? Ээ суох,
миигинньиги кини тоҕо таптаатаҕай? (Тохтуур.) Саатар, оҕо
төрөтөр киһиэхэ түбэһэн, оҕолоох буоллаҕым дуу?
Ыт үрэр, Кэтириис дьик гынар. К ү л ү к киирэр.
К ү л ү к. Дорообо, дьиэлээх хотун! Тойоммут кырдьаҕас
суох эбит дуу? Кини киһи хайаан эйигин сур бөрөлөр ортоло-
ругар быраҕар? (Күлэр.)
К э т и р и и с. Отчуттарыгар барда ини... Кэпсээ. Бу хайа
диэкиттэн иһэҕин?
К ү л ү к. Кэпсээним кэмчи, солунум хобул соҕус. Хантан кэл-
66