Page 68 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 68

наар куһаҕан буолуо ээ. Миигин туох маннык олохтон хостоон
ылан, үчүгэй оҥордоҕой!

    К ү л ү к (күлэр). Арай сарсын эриҥ өлөн хааллын, оччоҕо
эн талбыккынан сылдьыаҥ суоҕа дуо? Онно...

    К э т и р и и с. Миигин инннигэр уктаа ини. «Эһиилги бил
баһын сиэм диэбиккэ дылы» кини баайын сиэм этэ диэн бө-
ҕөхсүйүө суох киһибин, доҕор.

    К ү л ү к. Холобура оннук, кырдьыга да оннук. Хата, били
Бүөтүр манна сылдьар дуо?

    К э т и р и и с (хаана уларыйан баран). Ээ, тоҕо эмиэ ман-
на сырыттаҕай. Үнүрүүн биирдэ, маннааҕы киһиэхэ наадалаах
буолан, киирэн тахсыбыта.

    К ү л ү к. Хата, мин киниэхэ барыым эрэ, сээкэйи кэпсэтэр
наадалаахпын. Манна да кыра наадалаах этим да, чэ, кэбис.
(Күлэр.) Баҕар, эриҥ түбэһэ кэлэн, күнүүлээн өлөрүө. (Туран
таҥнар.) Чэ, бырастыы. Мин тылбын өйдөө, үчүгэй куһаҕана
суох, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат. Былыт быыһынан күн тык-
таҕына, күлүк сири былдьаһа олороойоҕун. (Олорор.) Бу аан
дойдуга киһи дьоло ити күн тыган баран, былытынан сабыл-
ларын курдук буолар, ону мүччү түһүөҥ да, мэлдьи хараҥаҕа
сылдьыаҥ. Хор, оннук буолар. Дьол даҕаны, сор даҕаны уһуга
суох буолбат. Дьол сорох ардына киһини бэйэтэ көрдүүр, со-
рох киһи дьолу көрдүүр да, өлүөр диэри булбат. Быһыыта, дьол
икки, сор икки бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ сылдьар быһыы-
лаахтар. Эн санааҕын, быһыыгын сэрэйдим, биллим. Этэҥҥэ
олор, мин тылбын умнума, бырастыы. (Тахсар.)

               Кэтириис бурдугун куоластыыр. Таһырдьа киһи сөтөллөр.

    С э м э н (киирэр, кыыһырбыт киһи быһыытынан). Хайа, бу
бурдук мааҕыттан бүтэ илик эбит дуу? Эмиэ ханна сүүрэкэлии
сырыттыҥ?

    К э т и р и и с (уоһун иһигэр). Ханна да сүүрэ иликпин.
    С э м э н. Оттон ол кэннэ тугу гына олордуҥ?! Уугун да бас-
патаххын, маскын да кыстаабатаххын, чэ, ол кэннэ тугу гын-
ныҥ? Мин ииммин хаһа олордуҥ дуо? Хайа, ити олорор сиргэр
тобулу хатамматах буоллаххына, бу чэйи кут.
    К э т и р и и с. Тохтуу түс, уолан хаалбытын иһин билигин
сиикэй ууну куппутум.
    С э м э н. Дьэ, бэрт да сор, доҕор, саатар, чэйи оргутан
абырыыра баҕалаах буоллаҕа. Чэ, көрүҥ эрэ, бу кэннэ хайдах
ыал буолуох эрэйдээхпиний? (Хаҥас диэки баран, кытыйаҕа
ас баарын ыймахтаан баран, кэлэн иһэн, Сүөдэр кыспыт та-

  68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73