Page 71 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 71

рууну алдьаппыт иһин аньыы да баар буолуо дии санаабап-
пын, дьонтон да саатыахха сатаммат. (Тохтуур.) Чэ, доҕоруом,
оҥоруум-ыйааҕым диэн тобулу хаһа олорума. (Кууһан ууруур.)
Биһиги холбоһуох. Мин эйигин айаххынан татыарытыам, сан-
ныгынан дьүдьэтиэм суоҕа... Эргиттэн букатын куттаныма, мин
эйигин эргиттэн сокуонунан бохсон араартарыам, ону бэйэм
да кыайбатаҕым иһин, бэрт элбэх үтүө үөрэхтээх дьону бил-
сэбин, олор да көмөлөһүөхтэрэ. Арахсар биричиинэтэ бэрт
дөбөҥ, ону мин булан сылдьабын, ол чааһыттан төрүт кутта-
ныма. Хата, билигин миигин кытта барыах. Эйигин илдьээри
оҥостон кэлбитим... Чэ, туох диигин? Барыах!..

    К э т и р и и с (санаарҕаабыт киһи быһыытынан). Ок-сиэ! Эт-
тэҕиҥ баҕас тоҕо сүрдээҕэй! Мин эн тапталыҥ күүһүгэр эрэм-
мэппин ээ. Холобур, билигин «ээх» диэн барбытым кэннэ, со-
лунуҥ ааһан, аҕыйах хонон баран үүрэн таһаар, дьэ оччоҕо
мин ханна барыахпын сөбүй? Хайа, оччоҕо маннааҕар ордук
эрэйгэ түбэһээйэмий? Ол кэриэтин манна олорбутум син.

    Б ү ө т ү р. Дьиҥ таптал эн этэриҥ курдук буолбатах, мин
оннук киһи буолбатахпын, ылан баран быраҕыам кэриэтэ, хай-
дах эрэ буолуом, эн өссө итэҕэйбэт буоллаххына, миигин ан-
даҕат, тылбын ыл.

    К э т и р и и с. Ким билэр, доҕоор, хайдах гыныам буолла?
(Тохтуур.) Чэ-чэ... Буоллун даҕаны, ол эрээри...

    Б ү ө т ү р. Чэ, үчүгэй. (Ууруур-сыллыыр.) Мантан тугу да
ылыма, барыах.

    К э т и р и и с. Эн урут бара тур, мин кэннигиттэн тахсыам.
    Б ү ө т ү р. Сөп. (Кууһан туран.) Мин бу тыаҕа күүтүөм. Эрэн,
эппит тылбын толоруом... хайа албыннаабытыҥ буолаарай,
сэрэн... Чэ, эт эрэ, эн миигин таптыыр буолбаккын дуо?
    К э т и р и и с. Таптаабатым буоллар, сөбүлүөм суоҕа этэ
буолбат дуо?
    Б ү ө т ү р (тахсан иһэн). Доҕоруом, сотору кэлээр.
    К э т и р и и с. Били Күлүк эппитигэр дылы, баҕар, мин дьо-
лум манан кэлбитэ буолаарай? Таптыыры кытта сылдьан,
эрэйдэммит да үчүгэй... (Тохтуур.) Хайдах эрэ буоларбын
оҥоһуннум буолла? Арай үрдүк таҥара билэн турдаҕа. Таптал
диэн, кырдьык, баар ээ, быһыыта. Ол эрээри Күлүк эппитэ
ээ — дьол даҕаны, сор даҕаны уһуга суох буолбат диэн, онон
сыаналаатахха, таптал даҕаны өр барбата буолуо ээ. (Тох-
туур.) Чэ, ол эрээри, барыах буолбутум да — барабын, ким
хоһулаабыт, ким сиилээбит, бастаан мин олорбутум курдук
олорон көрөн баран, хоһулаатыннар, сиилээтиннэр. Үчүгэй-

                                                                                                                                      71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76