Page 74 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 74
сынньыбакка эрэ илт ээ. Кэтириис, бу ыттартан туох дьубуку
булаары, ханна куотаары тураҕын? Мин көрдөхпүнэ, барбат да
буолларгын, илдьээри кэлбит дьон быһыылаахтар, көрбөккүн
дуо, ити быалаах, тутар, кэлгийэр киһилээх кэлбиттэр буолбат
дуо? Кэлгиллэн да бараҥҥын ордук ааты ылыаҥ суоҕа. Хайдах
гыныаҥый, бардаҕыҥ дии. Эһиги, Сэмэн, Ыстапаан, үтэһэҕит
туолбут ээ, быһыыта. Чэ, бэйи...
Кэтириис туран былаатын баанар.
Ы с т а п а а н. Истиҥ эрэ, бу кэриим ыта тоҕо миигин саа-
нар? (Кэтирииһи илиититтэн сиэтэн таһырдьа тахсар.) Чэ, ба-
рыаҕыҥ.
Б а р ы тахсаллар.
К ү л ү к. Чэ, көрүҥ эрэ ити быһыыны. Ити дьон илдьэн киһи
оҥоруох дьон дуо? Олох быһыыта итинник. Ити курдук эрэй-
дээх буоллун диэн, таҥара дуу, туох дуу анаабыт буоллаҕа,
хата, били Бүөтүр суоҕа да үчүгэй эбит, баара буоллар өссө ал-
дьархай буолуо этэ. Сүрдээх суол, доҕор! Киһи бэйэтин баһын
бэйэтэ билиммэтэ диэн — өлүү. (Тохтуур.) Нуучча элбээн, үөрэх
тахсан иһэрэ буоллар, маннык олох уурайыа эбитэ дуу, суоҕа
дуу. Бэйи эрэ, хата мин ити ыттары батыһыыһыкпын. Ааныс!
Тойоҥҥор бу быһыыны-майгыны кэпсээр. Мин Кэтирииһи көрө
бардым. (Таҥнар.) Ол мин тылбын истэллэр да үһүө... (Тахсар.)
Быыс
Төрдүс оонньууга ити тутуллан барбыт Кэтирииһи Сис Сэмэнэ тобулута
сынньыбытыттан сылтаан ыалдьан өлөрө кэпсэнэр. Бүөтүр суукка үҥсэн
хотон кэлбитэ — хойутаабыт эбит. Ити курдук ньүдьү-балай хараҥа олох
биир ыарахан өрүтэ Алампа драматыгар итэҕэтиилээхтик арыллыбыта.
Күлүк Сүөдэр үөрэҕи, сырдыгы тарҕатыы наадатын туһунан түмүк этиитинэн
суруйааччы бэйэтин санаатын тиэрдибитэ.
Тыыннаах тыл
Айымньы ааҕыллан бүттэ. Кэтириис хомолтолоох дьылҕатын эр-
гитэ санаан, Кэтириис дьылҕата тоҕо итинник салалынна диэн
ырытыы кэпсэтиигэ санааҕытын этэргэ бэлэмнэниҥ.
Биир эмэ дьоруойу талан ылан, драма идиэйэтигэр туох оруол-
лааҕын быһаарарга холонуҥ. Онуоха драма айымньытын сүнньэ
утарсыы-конфликт буоларын өйдөөҥ.
Эбии ааҕыыга бэриллэр «Сылбах тиит» айымньы киһи дьылҕа-
тыгар сыһыаннаах дуо?
74