Page 73 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 73

С э м э н. Кулуба, бу мин бэргэһэлээх сокуоннай ойоҕум бу
олорор эбит. Мин туох куһаҕаммын көрөн, бу курдук сылдьар
үһү? Ыл эрэ, кулуба тойон, ыйытан көр.

    Б ы ы б а р ы н а й. Хотуой, кэл эрэ бэттэх, эн бу Сис Сэмэ-
нин бэргэһэлээх ойоҕо буолан бараҥҥын, туохтан дьиэҕиттэн
күрээн, атын киһини кытта олороҕун?

    С э м э н. Көр эрэ ыл, өссө хотун биһигини кытта кэпсэ-
тиэн да баҕарбат. Чэ, ыл, Ыстапаан оҕонньор, оҕоҥ майгытын-
суобаһын көр, дьаһай. Хайа, миэхэ халыҥ харчыга атыылаан
сииргэр маннык майгылаах диэбэтэҕиҥ дии. Оҕом сымнаҕас,
үчүгэй диэбитиҥ. Кыыскын таҥнары кубааскайдаан, иккиһин
атыылаан сиэри гыннаҕыҥ, мин ороскуоппун төлөс. Бу хара
ыттар абалаан эрдэхтэрин көрүҥ эрэ!

    Ы с т а п а а н. Хотуой, миигин үөхтэрээри, мөхтөрөөрү ту-
раҕын дуо? Ол-бу буолан кубулунума, дьиэҕэр бар! Өссө ту-
раҕын дуо? (Ылан илгиэлиир.)

    К ү л ү к. Бэйиҥ эрэ, доҕоттоор, аргыыйыҥ. Бачча киһини
сынньан туран илдьээри гынаҕыт дуо? Буруйдаах, алҕастаах
да буоллаҕына, онон бохсон илтэххит дии. Кулуба, маннык
быһыыны тэрийтэримэ.

    Б ы ы б а р ы н а й. Баллыгыраама, эн наадаҥ суох, сыыһа
баар буоллаҕына үҥк. Кыһыылаахтар, абалаахтар саҥаралла-
ра буруй буолбатах, хата, эн мэһэйдээмэ, киэр буол!

    Ы с т а п а а н. Бу баар эбит мин кыыспын хорҕотооччу, то-
йоттор, бу киһини тылын истиҥ. Мин төрөппөтөх эрэ оҕом этэ.
Хара оҕо эрдэҕиттэн тулаайах хаалбыт кыыһы эрэйдэнэн-эрэй-
дэнэн ииппитим-аһаппытым, онон тугу оҥорорбор көҥүлүм да
буолаа ини.

    К ү л ү к. «Ииппитим-аһаппытым» буола-буола. Холоону да
ииттиҥ-аһаттыҥ ини, хата, баайын сиэн баран онно туолу-
муна, бу Сис Сэмэнин баайын сиэри күүскүнэн биэрбитиҥ
улахан эбит. Ити быһыыгыттан сирэйдээх буолан саатыаҥ
дуо?

    Б ы ы б а р ы н а й. Нохоо! Саҥарба диибин дии! Аны саҥа-
рыаҥ да, аак оҥорон баран, сибииккэҕэ бырахтарыам.

   Ыстапаан Кэтирииһи кулгааҕыттан ылан, Сис Сэмэнин иннигэр умса бы-
                               раҕар, Кэтириис умса тобуктуу түһэр.

    Ы с т а п а а н. Бу дьон ортотугар иэҥҥин хастыы иликпинэ,
ыл ити эриҥ атаҕар үҥэн көрдөс, ол кэннэ барыах!

                                          Кэтириис ытыыр, турар.

    К ү л ү к (икки ардыларыгар түһэр). Иирдиҥ дуу! Саатар,

                                                                                                                                      73
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78