Page 70 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 70
К э т и р и и с. Кэпсиэ...
Б ү ө т ү р. Суох, тугу да истибэтим. (Тохтуур, көрөн баран.)
Хайа, бу сирэйгин туохха өлөрдүҥ?
К э т и р и и с. Ээ, утуйа сыттахпына, үрдүбэр мас сууллубута.
Б ү ө т ү р. Киһи да мас буолан түстэ ини, ону кистии оло-
роохтуугун. (Баран аттыгар олорор.) Дьэ хаһааҥҥа диэри кыа
хааҥҥын тохторо, кыһыл эккин сэймэктэтэ олороҕун. Мин, эйи-
гин таптыыр киһи, итинник быһыыны өр тулуйарбыттан аастым.
(Кууһан баран.) Доҕоруом, эйигин мин таптыырбын бэйэҥ да
билбэккин дуо? Эн иннигэр тугу да оҥорорбун кэрэйбэппин эн
билбэккин дуо? Аныаха диэри таптал диэни билбэтиҥ, билиэххин
да баҕарбатыҥ сүрдээҕин ньии... Чэ, холобур, эн кыра оҕо буол,
эн сүрдээхтик таптыыр ийэҕин абааһы көрөр киһиҥ атаҕастаан
эрэр буоллун. Дьэ оччоҕо эн ийэҕин ол киһиттэн хайдах эмэ
көмүскүөххүн, быыһыаххын баҕарыаҥ суоҕа этэ дуо?
К э т и р и и с. Ол төрөппүт ийэ туһа туспа, оттон эн биһиги
туора дьон буоллахпыт дии.
Б ү ө т ү р. Сөп, туспа. Төрөппүт тапталынааҕар, туспа киһи
туспа киһини таптыыра ордук күүстээх буолар. Ол күүһэ диэн
маннык: аһыыр да аһыҥ ас буолбат, таҥнар да таҥаһыҥ таҥас
буолбат, утуйар да ууҥ уу буолбат, мэлдьи сүрэҕиҥ-быарыҥ
ол таптыыр киһиҥ туһугар уулан тохто сылдьар буолар. Онон
таптыыр киһиҥ эрэйгэ, сорго олорор, сылдьар буоллаҕына,
туохтан да харыстаныах санаа суох буолар. Ити Сис Сэмэнэ
эйигин кырбаан баран тахсан иһэрин көрөн баран, ытан кэ-
биһэ сыстым ээ уонна арыыччаттан тардынан хааллым, — хор,
ол курдук таптал кытаанах, күүстээх буолар.
К э т и р и и с (санаа булан баран). Кырдьык да таптал оннук
күүстээҕин иһин, киһи хайдах таҥара ыйааҕыттан туоруой? Хайа,
мэнньиэс диэн эмиэ баар, аньыы, саат-суут диэн эмиэ баар.
Итини барытын ол таптал туһугар атыылыахха сатаммат, ол кэ-
риэтэ тойон таҥара туохха анаабытай да, ол буоллун. Онон...
Б ү ө т ү р. Онон, дьон саатыттан, аньыы кутталыттан саа-
һыҥ тухары бу курдук муҥу-сору көрө олорууһуккун дии?
К э т и р и и с. Оҥоруум оннук буолбутун кэннэ, хайдах гы-
ныамый? Ол эрээри...
Б ү ө т ү р. Оҥоруум! Оттон миэхэ да оҥоруум суох буо-
луо дуо? Баҕар, оҥоруум күүһүнэн эйигин таптыырым буо-
луо? Эн да санаан көр. Бэйэҥ сүрэххинэн сөбүлээн, бэйэҥ
баҕаран туран, көҥүлгүнэн манна кэлэн олорор буоллаххына,
кырдьык оҥоруум диэх да этиҥ. Оттон эн оҥоруугун атын киһи
оҥорбута буолбат дуо? Ол дуо — оҥоруу диэн? Оннук оҥо-
70