Page 69 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 69
лаҕын көрөн, сулбу тардан ылар). Бай, бу ким сырытта? Ол
иһин да, мин суохпуна, күөх сирэй, эрдэрин түгүлэтэн баран,
ол-бу диэн көҕөрүҥнүү олорор эбит дии...
К э т и р и и с. Кими да эрдэнэ иликпин... Аны онон сылта-
нан...
С э м э н. Аны биирдэ саҥар эрэ. (Талаҕын туппутунан ынан
тиийэр.) Мин бэлэммэр, мин аспар сарайа уойа-уойаҕын бэйэм
үрдүбэр ыттаары гынныҥ дуо? Хайа, үрүлүйбүтүҥ-харылыйбы-
тыҥ холоон этэ дии. Өссө биирдэ саҥар эрэ, күөх сирэй!
К э т и р и и с. Тугу саҥардым? Арай «кими да эрдэнэ илик-
пин» диэтим, дьэ ол иһин хайыыгын, эн көҥүлүҥ.
С э м э н. Өссө даҕаны саҥара олороҕун дуу? Мин эйигин
утары тыыммат гына оҥоруом, оннугу-манныгы... Бу абакка-
бын көрүҥ эрэ. Тумарык маҥан, хайдах эрэ кэтэҕиҥ аһыттан
ылан баран, ийэҥ-аҕаҥ ырыатын ыллата оонньуом ээ!..
К э т и р и и с. Тыыммат гына оҥор ээ…
С э м э н. Абаккабы-ын!!!
Батыгырайан тиийэн, кэтэҕин аһыттан ылан, быыс иһигэр киллэрэн, онно
мэнээк кырбыыр тыаһа иһиллэр, дьахтар хаһыытыыр: «Сиэри гынныҥ дуо,
сиэ», — «Ээ, ама оннук дуо, өссө саҥараҕын дуу?» Өр соҕус кырбаабытын
кэннэ, дьахтар саҥата им-ньим буолар. С э м э н, аҕылыы-аҕылыы,
тахсан олорор.
.............. ..........................
Дьэ, эн итиннэ бөтүөхтүү сытан холоон көр эрэ! Киэһэ кэл-
лэхпинэ — кэпсэтиэхпит. Моһуораҕын көннөрүөм, «ыык-аах»
диэбэт гына оҥоруом!.. Бу ороскуоппун, эрэйбин көрүҥ эрэ.
(Тахсар.)
Кэтириис, өр соҕус буолан баран, быыс иһиттэн тахсан, бурдугун таһыгар
олорор, былаатын умсары бааммыт, сирэйэ бааһырбыт, саҥата суох ытыыр.
К э т и р и и с. Туох буруйум, туох айыым иннигэр үрдүк та-
ҥара маннык эрэйгэ анаабыта буолуой? Хас хонукка бу курдук
олорорбунуй... Ким миигин көмүскүөй? Ийэлээх буолан, ийэм
быыһыа дуу, аҕалаах буолан, аҕам быыһыа дуу. Соҕотоҕун
маннык сорго сирэйбинэн умса анньыллыбыт уһун сордоох
буоллаҕым. Бу кэриэтэ хара тыа дьылҕанын, уу дириҥин булан
быыһаммыт киһи баар ини... Ол эрээри туохха анаммыппыный
да, хаһан умса түһэн хаалыахпар диэри, сылдьыам... (Саҥата
суох бурдугун куоластыыр.)
.............. ..........................
Ыт үрэр, Кэтириис бурдугун астыыр. Б ү ө т ү р киирэр.
Б ү ө т ү р. (ол-бу диэки көрөр). Дорооболоруҥ!..
69