Page 48 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 48

Тэтэрдиирим оҕото.
                       Тэҥилээн оҥорбут курдук
                       Кэчигир таас тиистээх,
                       Олуктаан оҥорбут курдук
                       Обугур-ходьой уостаах,
                       Уустуктаан оҥорбут курдук
                       Субугур маҕан муруннаах эбит
                       Субуҥнуурум оҕото.
                       Манныктыыра барахсаны
                       Ханныкка ханыылыы харахтаатыҥ,
                       Туохха холобурдуу уурдуҥ,
                       Кимиэхэ тэҥилии эттиҥ диэтэргит —
                       Аан дайдыга айыллыбыкка,
                       Үрүҥ күҥҥэ үөскээбиккэ,
                       Кэрэ дайдыга кэлбиккэ
                       Киниэхэ тэҥнээҕи
                       Кими даа билбэппин,
                       Тугу даа булбаппын,
                       Түһээн даа көрбөтөҕүм,
                       Илэ даа истибэтэҕим.
                       Ханаҕар быһыылаах,
                       Халыгырас саҥалаах,
                       Халлаан хаҥыл кыыла
                       Хаастыыра барахсаҥҥа
                       Ханыылыы харахтыахпын —
                       «Хаарбаҕынан эрэ эттээх,
                       Ханнык эмэ үөн аһылыктаах
                       Хаас далаҕаҕа
                       Ханыылаатаҕа», — диэн
                       Хабара саныыһы.
                       Кынтаҕар быһыылаах,
                       Кылбаҕар дьүһүннээх,
                       Кыҥкынас ырыалаах,
                       Кынаттаах кыылым
                       Кырасыабай бэрдэ
                       Кыталыктыыра барахсаҥҥа
                       Кытыара этиэхпин —
                       «Кытыйанан эрэ эттээх,
                       Кыбыдал куҥнаах,
                       Кыһыл чиэрбэ аһылыктаах
                       Кыталык далаҕаҕа
                       Кытыардаҕа», — диэн

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53