Page 43 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 43

Хара дьай ханыылаах
Хараҥа бараан түүн
Халбарыйан барда.

       Сындааһыннааҕы сыыйбыт
       Сыа хаар баҕадьы
       Сылбатыйан барда,
       Күүстээҕи күлкэдиппит
       Көмүрүө хаар күтүр
       Көлбөрүйэн барда.
Сотолооҕу солбонуппут
Солуо хаар обургу
Солбонуйан барда.
Күр муус көтөҕүлүннэ,
Болуо муус буралынна,
Хайыр муус хампарыйда,
Улуу муус уулла.
       Хаар уута халыйда,
       Сыһыы уута сыккыстаата,
       Хонуу уута холбосто,
       Тыа уута кыттыста, —
Иҥнэстигэс диэки иэнигийдэ,
Таҥнастыгас диэки таласта,
Сүнньүн булан сүүрүктэннэ.
Тымырдар тыккырастылар,
Салаалар саккырастылар,
Дьураалар чуккурастылар.
       Ханыылаһан-ханыылаһан
       Харылас буоллулар,
Үксээн-үксээн
Үрүйэ буоллулар,
       Күргүөмнээн киирэн
       Көҥүс буоллулар.
       Онтон утум-ситим
       От үрэх буолан
Устан угуттаатылар,
Халааннаан халыйдылар,
Кэлэн дэлбэрийдилэр.
       Ситимнэһэн-сиэттиһэн
       Сиэнчэр үрэхтэр буолан
       Сиэлсэн дьигиһистилэр,
Оҕо үрэхтэр буолан
Орто үрэхтэргэ

                                43
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48