Page 42 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 42
Аҕыс ый тохору
Адаҕыйан турбут
Амырыын тымныы
Ахсаан барда.
Тойон таҥара оҥорбут
Туруу-бараан дойдубутугар
Тоҕус ый тохору
Тоҕураан турбут
Толомон дьыбар
Тоһутталанан барда.
Аас-майах аргыстаах,
Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх,
Оп-соллоҥ ойоҕостоох,
Олуурдаах Улуу Дьыл оҕуһа,
Унаар маҥан күн
Уһуурун кытта,
Ураа муостара булгуруйан,
Удурҕаччы санаата уурайан
Улуу муора диэки
Уста турда.
Дьэс эмэгэт
Дьиэрэҥкэйдии-дьиибэлэнэ,
Иирэ-битийэ
Иһэрин курдук,
Дьэллик дьэргэлгэн
Дьирибинэйэн көттө.
Ол туурата
Туохтан турбутун
Толкуйдаан көрдөхпүнэ —
Тоҕус туналҕаннаах
Туналы маҥан күммүт
Туйаара ойор буолбут,
Аҕыс сардаҥалаах
Аламай маҥан күммүт
Аҥаарыйа айанныыр буолбут.
Күндээр маҥан күнүс
Күөрэйэн истэ.
Сандаар маҥан күнүс
Сабырыйан истэ.
Күөх дьай күөннээх
Күтүр уһун түүн
Күрэнэн барда,
42