Page 39 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 39

XXIX

                     Онтон кэлин — таҥара көмөлөстүн!
                     Дьолум баарын иһин, өлүүм баарын иһин
                     Өлүөх норуоту тириэрэ ииттим,
                     Сыгынньах норуоту таҥастаах,
                     Дьадаҥы норуоту баай гынным,
                     Аҕыйах норуоту үгүс гынным.
                     Эрэллээх дойдуларга үчүгэйи оҥордум.

                                                                     (Н.К. Антонов тылбааһа)

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бу этиини ааҕан көрүҥ: Тэҥри тэг тэҥридэ болмыш түрк
        билгэ хаҕан бу өдкө олуртым (таҥараҕа тэҥнээх таҥарат-
        тан буолбут түүр муударай хаҕана бу кэмҥэ олортум). Саха
        тылыгар чугаһын бэлиэтии көрдүгүт дуо?

    2. Аахпыт кэрчиктэргитигэр олоҥхо уус-уран тылын санатар
        олуктар, этиилэр, тыллар бааллар дуо?

    3. Сурукка ахтыллар норуоттар устуоруйа ханнык кэрдиис кэ-
        мигэр олоро сылдьыбыттарын туһунан кэпсэтиигэ кыттыҥ.

Анаан дьүүллэһии

    Өбүгэлэрбит мэҥэ суруктарын өлбөт-сүппэт өйө, суолтата хан-
нык тылларынан бэриллэрий?

          Тэҥнээн көрүү

    Саха сиригэр суруктаах хайалар Өлүөнэ, Өлүөхүмэ, Кыһыл Үрүйэ
өрүстэргэ көстүбүттэрэ. Мэҥэ таастар суруктарын үөрэппит учуонай-
дар Н.К. Антонов, Г.Г. Левин суруйууларыгар тирэҕирэн, олоҥхону
кытта тэҥнээн, кэрэхсэбиллээх үлэни оҥоруоххутун сөп, онуоха учуу-
талгыт, төрөппүттэргит көмө буолуохтара.
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44