Page 41 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 41
чаастаах поэматыттан «Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ» диэн аат-
таах бастакы чааһын ааҕыаххыт. Бу поэманы 1924 сыллаахха Сэйим-
чээҥҥэ олорон суруйбута. 1923 сыл күһүнүттэн 1924 сыл сааһыгар
диэри Өксөкүлээх Өлөксөй бу хоту кытыы дойдуга байыаннай дьа-
йыылартан дьаарханан бүгэн олорбута диэн Н.Н. Тобуруокап суруйар.
Унньуктаах уһун кыһын былаһын тухары аас-туор олоҕун аахсыбак-
ка, урут суруйбут айымньыларын ситэрэр, норуот тылынан уус-уран
айымньытын хомуйар-түмэр, нууччаттан киирбит сахатыйбыт тылла-
ры быһааран, сааһылаан науканан утумнаахтык дьарыктанар. Маны
сэргэ биир кэм ааһар күнтэн аралдьыйаары күннүк (диниэбинньик)
сурунар идэлээх эбит. Билигин ол бэлиэтээһиннэр, Сэйимчээннээҕи
кыһын тыыннаах туоһута буоланнар, архыыпка хараллан сыталлар. Ол
суруктар тугу кэпсииллэр? «Сайын кэлиитэ» поэма айыллыбыт устуо-
руйатын бу суруйуулартан билиэххэ сөп. Сэйимчээҥҥэ аһа-таҥаһа
кырыымчыга бэрт буолан, дэлби аччыктаан, мас суох буолан кыһыны
быһа тоҥон, олунньу 18—19 күннэригэр суруйбута баар: «Была стряп-
ка Мавра. Тирии кыһыахтаан баран сиэм диэбит субатын ыкка сиэтэн
ытаата. Я делал салазки… Задался целью написать песню о лете»;
олунньу 23 к.: «Доставал лёд для окна. Пишу песню о лете. Плохо
клеится»; кулун тутар 1—3 кк.: «Иду на поле пить чай. Сделал в лесу
лежанку… Бродил по снегу, ища удобное место для уединения, но
не нашёл. Переписываю набело песню о лете»; кулун тутар 4—6 кк.:
«Переписываю «Лето». Прибавил о четвероногих и рыбах…» — диэн
суруйталаабыт. Ол аата бу поэматын 17 күн иһигэр суруйан бүтэрбит.
Кыһыҥҥы кырыаны бүрүммүт аас-туор олохтоох саха киһитин ыра са-
наата этэҥҥэ күөххэ үктэнэн, айылҕа уһуктуутун, үүт-арыы олбохтоох
олоҕу дэлэ кэтэһиэ дуо…
«Философ, общественнай деятель, омугун, норуотун, уобалаһын олоҕо
тупсарыгар элбэхтик сүүрбүт-көппүт киһи буолан, Өксөкүлээх Өлөк-
сөйү саха уус-уран тылын сайдыытын сүрүн принциптэрин олохтоо-
бут, саха омук бүттүүн литературатыгар биллэр кэрчиги түстээбит
«айар тыл аҕатынан» (П. Ойуунускай сыанабыла), төрүттээччинэн ааҕар
толору кыахтаахпыт».
Н.Н. Тобуруокап
Ааҕыы, ырытыы
Сайын кэлиитэ
(Быһа тардыы)
Айыы таҥара айбыт
Аан ийэ дайдыбытыгар
41