Page 45 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 45

УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

    1. «Мин сайыным», «Сайыҥҥы санаалар», «Сахабыт сирин са-
        йына» диэн тиэмэлэртэн талан ылан өйтөн суруйуҥ.

    2. Саха суруйааччыларын айымньыларыгар сайыны хоһуйуу-
        ларыттан талаҥҥыт хоһоонноохтук ааҕарга бэлэмнэниҥ.

    3. Поэматтан эпитеттэри, параллелизмы, метафоралары булан
        бэлиэтээҥ уонна суруйааччы айар истиилин быһаарарга хо-
        лонуҥ.

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    Сайыны көрсүү сиэрин-туомун туһунан кэпсэтиҥ уонна биири
талаҥҥыт бөлөҕүнэн оонньоон көрдөрүҥ:

    — салама ыйааһына;
    — ыһыах алгыһа;
    — күнү көрсүү.
    Бу үлэҕитигэр Афанасий Фёдоров 2011 с. тахсыбыт «Өбүгэ сиэ-
рэ-туома» кинигэтин туһаныҥ.

          Тэҥнээн көрүү

    Поэма атын чаастарын булан ааҕыҥ, ырытыһыҥ. Ханнык түһүмэ-
ҕин ордук сэргээтигит? Тоҕо? Толкуйдуурга маннык ыйытыыларынан
салайтарыаххытын сөп:

    — поэма тоҕо «Ыһыах» диэн чааһынан түмүктэннэ;
    — сайыны көрсөр өссө ханнык түһүмэҕи эбэн суруйуоххут этэй;
    — сайын туһунан норуот ырыаларыттан, хоһоонноруттан, олоҥхот-
тон быһа тардыыны булан ааҕыҥ, тэҥнээн көрүҥ, иһитиннэрии оҥо-
рорго бэлэмнэниҥ.

Анаан дьүүллэһии

    Саха сирин хаартатыгар Сэйимчээни булан көрүҥ, сырыы-
суол, көлө сайда илик сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар (атынан,
табанан эрэ сылдьаллара) А.Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх Өлөк-
сөй хайдахтаах курдук ыраах сиринэн тэлэһийэ сылдьыбытын
санааҥ, кэпсэтиҥ.

                                                                                                                                      45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50