Page 47 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 47
Алта даҕаны чааска
Атах аральльыйбакка
Адыылаабытым иннигэр
Аҥаардас бэйэтиттэн
Алҕаһы-амныаны таҕаарбаппын
Алайаана дьаралыкпыттан.
Түөн саҕа төлкөлөөх
Төбөтүн оройуттан
Уһаты уллуҥаҕар диэри
Одуулаан турдахпына, —
Тоҕус сүөм холобурдаах
Норуллар нуолур солко
Суһуохтаах эбит
Субуҥнуурум оҕото,
Аҕыс харыс бадахтаах
Арыллар аралы-ньаассын
Астаах эбит
Алардыырым оҕото,
Биэс чиэппэр кэриҥнээх
Бэрийэр бэрт солко
Бэскилээх эбит
Биэбэкэйим оҕото.
Хамчаака арыы
Хара саарбатын
Хардарыта туппут курдук
Хамныы тэрбэйэр
Хара хаастардаах эбит
Ханардыырым оҕото,
Кырасыабай баҕадьы
Кынаҕаркаан кыламаннаах эбит
Кынтардыыра барахсан,
Аламай маҕан күн
Атылыыта буолбут
Ала тыргыл харахтардаах эбит
Алардыыра барахсан,
Кириэстээх атыыр маньньыаты
Кэккэлэтэ туппут курдук
Килбиэн маҕан иэдэстээх эбит
Килбэйээнэ дьэрэлигим,
Чэрбиэнчэ харчыны
Тэҥилии туппут курдук
Тэтэркэй иҥнэрдээх эбит
47