Page 44 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 44

Орулуу-курулуу,
                        Оонньуу-күлэ куттулар.

                                Иитимньилээх ийэ үрэхтэр
                                Иҥиэттэн-иэнигийэн
                                Халҕаһаланан-харыыланан,
                                Айаннаан-айгыстан
                                Ахсым ууларын
                        Тутаах үрэхтэргэ куттулар,
                        Устар ууларын
                        Улуу үрэхтэргэ суккуйдулар.
                                Улуу эбэлэр буоллахтарына,
                                Орто туруу дойду
                                Улуу үрэхтэрэ буолан,
                                Улуутуйан-уораадыйан,
                        Аан ийэ дайды
                        Ааттаах үрэхтэрэ буолан,
                        Айгыстан-аҥааттан,
                        Хайыр тааһы харыйан,
                        Очуос тааһы суурайан,
                        Ийэ сири сиҥнэрэн,
                                Түгэҕин көрдөрбөтөх,
                                Биэрэгин биллэрбэтэх,
                                Улаҕатын булларбатах,
                                Улуу муора диэки устан
                                Улуутуһа турдулар….

        Ыйытыылар уонна сорудахтар

  1. Бу хоһоон суруллубут устуоруйатын киирии ыстатыйатыт-
      тан кылгастык билистигит. Өксөкүлээх Өлөксөй тоҕо бу поэ-
      матын бэйэтин олоҕун кырыымчык, аас-туор кэмнэригэр су-
      руйарга санаммыта буолуой?

  2. Сахаларга дьыл, сыл өйдөбүлэ баар. Бу өйдөбүллэри поэмаҕа
      сыһыаран ырытарга холонуҥ, уратыларын быһаарыҥ.

  3. Поэмаҕа Улуу Дьыл оҕуһа тугу бэлиэтиирий? Бу мифоло-
      гическай уобарас өссө ханнык айымньыларга ахтылларый?

  4. Саха киһитигэр сайын кэлиитин саҕа күндү, ахтылҕаннаах
      туох баар буолуой? Хоһооҥҥо сайын кэлэн эрэр сибикитин
      туохтан билэбит? Холобурдааҥ.

  6. Өксөкүлээх Өлөксөй айымньылара тоҕо норуот өйүттэн сүп-
      пэккэ кэнэҕэски кэлэр кэмҥэ кэрэ кэпсээн буолан кэлбит-
      тэрий?

44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49